Мууһу кэбирэтии үлэтэ саҕаланна
Сотору халлааммыт лаппа сылыйан Саха сирин өрүстэрэ муус болгуоларыттан босхолонон Хотугу муустаах муора диэки устуохтара.
Өрүстэрбит хайдах устуохтарай, халаанныа дуу, суох дуу диэн үгүс киһи интэриэһиргиир. Былырыын күһүн сөҥүү нуорманы таһынан түһэн, өрүстэр уулара толору тоҥмута, кыһынын хаар элбэх түһэн угут дьыл буолар чинчилээх. Ол инниттэн, халааны утары сэрэтэр үлэлэр бараллар. Быйыл эмиэ мууһу кэбирэтэр үлэ ыытыллара былааннанар. Ол туһунан Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга управлениетын салайааччыта Петр Аргунов маннык кэпсиир:
— Биһиги управлениебыт Өлүөнэ, Халыма, Алдан, Амма, Токко, Ньүүйэ уонна Тээнэ өрүстэригэр ыытыллар халаан уутун утары сэрэтэр үлэни сүрүннүүр уонна хонтуруоллуур, итини таһынан мууһу кэбирэтэр үлэҕэ ыытыллар федеральнай үп туһаныллыытын хонтуруоллуур. Быйыл федеральнай бүддьүөттэн уопсайа 44,9 мөл. солк. көрүлүннэ.
Үһүс сылын сааскы халааны утары сэрэтэр, мууһу кэбирэтэр үлэни Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэригэр «Центррегионводхоз» ФГБУ «Ленарегионводхоз» филиала толорор.
Мууһу кэбирэтэр үлэ быйыл Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэригэр 46 харыы тахсар учаастагар, ол иһигэр 39 учаастакка 486 га мууска хараардыы, 7 учаастакка 41 км иэннээх мууска мууһу эрбээһин үлэлэрэ ыытыллыахтара.
Онтон мууһу кэбирэтии үлэлэрэ федеральнай бүддьүөт суотугар, субвенция быһыытынан, Экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн 31 харыы тахсар учаастагар, барыта 213 га иэннээх мууска, 9 муниципальнай оройуон сиригэр-уотугар оҥоһуллуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: