Муус Хаҥалас улууһунан устан эрэр
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бүгүн сарсыарда халаан балаһыанньатын билиһиннэрдэ.
— Өлүөнэ өрүс мууһун аллараа кирбиитэ Хаҥалас улууһугар Иһит нэһилиэгэр таһынан баар. Бэҕэһээ манна муус хамсаата. Бүгүн сарсыарда Кытыл Дьураанан муус хойуутук устар. Покровскай уонна Дьокуускай куораттарга муус устуута 14-18 күннэригэр, Нам улууһугар 18-20 күннэригэр күүтүллэр.
Бэҕэһээ Өлүөхүмэ куораттан 7 км тэйиччи турар Селиванов учаастагар дэлби тэптэрии үлэтин ыыттылар. Бу түмүгэр муус харыыта төлө баран, муус салгыы хамсаата. Ол эрээри Өлүөхүмэ улууһугар аны Витим өрүс мууһа хамсаан, уу таһыма эбии үрдээтэ. Билигин халаан уутугар 1-кы уонна 2-с Нөөрүктээйи уонна Кыыллаах нэһилиэктэрэ ылларан олороллор. Бу нэһилиэктэргэ дьону быстах кэмҥэ олордор пууннар үлэлииллэр. Куттала суох сиргэ 379 киһи, ол иһигэр 55 оҕо көһөрүлүннэ. 109 тиэргэн ууга барда, ол иһигэр — 89 олорор дьиэ. Өлүөхүмэ улууһугар халаантан эмсэҕэлээччилэргэ көмө, өйөбүл оҥорууга бары туһааннаах үлэ ыытыллар, — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ.
«Бэҕэһээ бөртөлүөтүнэн 27 киһини эвакуациялаабыттара. Сүрүннээн эр дьон сүөһүлэрин көрөллөрүн быһыытынан хаалбыттара. 1-кы Нөөрүктээйигэ балаһыанньа уустук — уу турар», диэн Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Оксана Саввинова «Тэтим» араадьыйаҕа сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: