Муус Хаҥалас улууһунан устан эрэр

Share

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бүгүн сарсыарда халаан  балаһыанньатын билиһиннэрдэ.  

—  Өлүөнэ өрүс мууһун   аллараа кирбиитэ Хаҥалас улууһугар Иһит нэһилиэгэр  таһынан баар. Бэҕэһээ манна муус хамсаата. Бүгүн сарсыарда Кытыл Дьураанан муус хойуутук устар. Покровскай уонна Дьокуускай куораттарга муус устуута 14-18 күннэригэр, Нам улууһугар 18-20 күннэригэр күүтүллэр.

Бэҕэһээ Өлүөхүмэ куораттан 7 км тэйиччи турар Селиванов учаастагар дэлби тэптэрии үлэтин ыыттылар. Бу түмүгэр муус харыыта төлө баран, муус салгыы хамсаата. Ол эрээри Өлүөхүмэ улууһугар аны Витим өрүс мууһа хамсаан, уу таһыма эбии үрдээтэ. Билигин халаан уутугар 1-кы уонна 2-с Нөөрүктээйи  уонна Кыыллаах нэһилиэктэрэ ылларан олороллор. Бу нэһилиэктэргэ дьону быстах кэмҥэ олордор пууннар үлэлииллэр. Куттала суох сиргэ 379 киһи, ол иһигэр 55 оҕо көһөрүлүннэ.  109 тиэргэн ууга барда, ол иһигэр — 89 олорор дьиэ. Өлүөхүмэ улууһугар халаантан эмсэҕэлээччилэргэ көмө, өйөбүл оҥорууга бары туһааннаах үлэ ыытыллар, — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ.

«Бэҕэһээ бөртөлүөтүнэн 27 киһини  эвакуациялаабыттара. Сүрүннээн эр дьон сүөһүлэрин көрөллөрүн быһыытынан хаалбыттара. 1-кы Нөөрүктээйигэ балаһыанньа уустук — уу турар», диэн Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы  Оксана Саввинова «Тэтим» араадьыйаҕа сырдатта.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago