Муус уонна хаар оҥоһуктар быйылгы тиэмэлэрэ — Улуу Кыайыы 80 сыла

Share

Быйыл «Саха сирин бриллианнара» («Бриллианты Якутии») муус уонна хаар оҥоһуктарын норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕэ 2024 сыл сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

Үгэс буолбут тэрээһиҥҥэ 20 хамаанда кыттар. Кинилэр истэригэр уопуттаах скульптордар Кытайтан, Монголияттан, Хабаровскай уонна Приморскай кыраайдартан кытталлар. Биллэн турар, сүрүн хамаандалар Саха сириттэн күөн күрэстэһэллэр. Кыайыылаах хамаанда Николай Чоччасов эскииһинэн оҥоһуллубут тимир уустара оҥорбут анал сыаналаах Кубогынан наҕараадаланыаҕа.

Быйылгы кыайыылаахха бэриллэр сыаналаах Кубок сэлии муоһуттан оҥоһуллубут оҥоһуктаах, ол онно бриллианнаах буолуоҕа. Онон бу суолталаах кыайыы иһин кыттааччылар күүстээхтик туруннулар — сарсыарда 9 чаастан киэһэ 19 чааска диэри үлэлииллэр, — диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа салаатын кылаабынай исписэлииһэ Пелагея Левина.

Бүгүн Дьокуускайга Орджоникидзе киин болуоссатыгар куорат мээрэ Евгений Григорьев кыттыылаах “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар хаар уонна муус оҥоһугун куонкуруһа үөрүүлээхтик аһылынна.

Хамаандалар бэйэлэрин национальнай көстүүмнэрин кэтэн, дойдуларын, эрэгийиэннэрин, улуустарын былааҕын күөрэппитинэн киирбиттэрэ сонун көстүү буолла.

Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн хамаандалар быйылгы Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт Ийэ дойду, хорсун быһыы, туругуруу тиэмэлэригэр туһаайыллыбыт оҥоһуктарын оҥорууга ылыстылар. Биэс күн устата ыытыллар күрэс хаамыытын куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара ааһан иһэн, көрө-истэ сылдьыахтара.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын 90-с сыллартан ыытар  күөн күрэһэ — “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир саамай чаҕылхай тэрээһининэн буолар.  2016 сылтан бу тэрээһин норуоттар икки ардыларынааҕы статустаммыта.  Быйыл күрэхтэһиигэ Саха сириттэн 15 хамаанда кыттар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кинилэртэн үс хамаанда дьахталлартан турар: Дьокуускайтан «ВиА» хамаанда – Вера Семенова, Анна Еремеева;  киин куораттан «Хотун» — Людмила Федорова, Александра Неустроева,  «Дьол тааһа» хамаанда Дьокуускайтан уонна Мэҥэ Хаҥаластан — Анна Саввина, Мария Шадринова. Маны таһынан, Хабаровскай кыраайтан «Амурскай бархат» — Ирина Заславская, Наталья Гончарова дьахталлар хамаандалара бааллар. Приморскай кыраайтан  «Дерсу» хамаанда – Сергей Козлов, Евгений Чадаев, Монголияттан «Зимние герои» хамаанда — Энхбаяр Чулуунхэдэр уонна Цэнд-Очир Санжа, Кытайтан «Лунцзян Форест-индустрия» хамаанда — МЭН Сьянго уонна СЮН Хаян бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрүөхтэрэ.

Сарсыҥҥыттан “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы бэстибээл  кыттыылаахтарын   хаар уонна муус оҥоһуктарын бастакы моһуоннара биллэн барыахтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Телеграмм-ханаалынан билсээри харчытын уордарбыт

Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция  тута арыйда. ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кэнсиэртэн киирбит үп кыайыыны уһансар

Ааспыт өрөбүллэргэ күһүҥҥү сылаас күнү-дьылы баттаһан, Чагда сэлиэнньэтин айар ыччата ыаллыы сытар Кэбээйи нэһилиэгэр гостуруоллаан…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэргэ үөрэнэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро босхо аһынан хааччыллаллар

Элбэх оҕолоох ыал туругун үрдэтэргэ усулуобуйа тэрийэр инниттэн, судаарыстыбаннай аккредитациялаах идэҕэ бэлэмниир үөрэх кыһатыгар күнүскү…

24 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону эбээннии саҥардыбыт ураты талаан

Саха сирэ бүгүн Олоҥхо күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир. Онон сиэттэрэн эбээн норуотун талааннаах уолун, Дмитрий…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай баһаарынайдара оҕолору уоттан сэрэхтээх буоларга үөрэтэллэр

Горнай улууһунааҕы  16-с №-дээх Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа отделын үлэһиттэрэ Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр аһаҕас…

39 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сордоҥнооххо байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кэриэһигэр айар бөлөхтөрү көрүү буолла

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгэр байыаннай дьайыыга сылдьыбыт “Хорсунун иһин” уордьан кавалера Максим Готовцев…

46 минут ago