Муус устар 1 күнүттэн маҥнайгы кылааска киириигэ сайабылыанньа тутуохтара

Share

Төрөппүттэртэн оҕону маҥнайгы кылааска киллэрэргэ сайабылыанньаны муус устар 1 күнүттэн тутан саҕалыахтара. Бу иннинэ кулун тутар 18 күнүттэн төрөппүттэр «Госуслуги» порталга «черновик» бэлэмниэхтэрин сөп.

Төрөппүттэр сайабылыанньаны «Госуслуги» порталынан ыытыахтарын сөп диэн Дьокуускайдааҕы үөрэх управлениета иһитиннэрэр.

Порталга киирэн сайабылыанньаны толорор ирдэнэр. Манна ийэ эбэтэр аҕа пааспара, оҕо төрөөбүтүн туоһулуур сибидиэтэлистибэ уонна регистрация туһунан ыспыраапка наада. Толорбут сайабылыанньаҕытын тус кабинеккытыгар хаалларыаххытын сөп. Оттон эрдэтинэ бэлэмнэммит сайабылыанньаны муус устар 1 күнүгэр эрэ ыытыахха сөп.

Ирдэбил быһыытынан маҥнайгы кылааска ылыы икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа:

Бастакы түһүмэх муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри буолуоҕа. Манна оҕолор бастакы уочарат бырааптаахтары уонна олорор сирдэринэн оскуолаҕа киирэллэригэр ананар.

Иккис түһүмэх от ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри буолуоҕа. Манна сыһыарыллыбыт сиргэ прописката суох оҕолор уонна ханнык баҕарар атын оскуолаларга төрөппүттэр сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп.

Ордук сиһилии Дьокуускайдааҕы үөрэх управлениетын саайтыгар билсиэххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago