Муус устар 15 күнэ: тыал, хаар уонна -33 кыраадыс
15.04.2024, 08:00
Айтана Аммосова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, муус устар 15 күнүгэр, Саха сирин улахан аҥаарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр. Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө, Мииринэй хоту өттүгэр, Анаабырга уонна Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 18 миэтэрэҕэ тиийэ түргэннээх тыал түһүөҕэ диэн ЯУГМС саайтыгар суруйаллар.
Түүн салгын температурата киин оройуоннарга -17… -22°, хотугулуу-илиҥҥэ -23… -28°, хотугулуу-арҕаа -28… -33°, хаардаатаҕына уонна соҕуруу -7… -12° буолуоҕа. Күнүс температура -2… +3°, соҕуруулуу-арҕаа +3… +8°, хоту -4… -9° буолара күүтүллэр.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, күнүс сөкүүндэҕэ 2-5 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ. Түүн -17… -19º, күнүс 0… -2º.
+1
3
+1
+1
1
+1
+1
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: