Муус устар 15 күнүттэн салгын олбохтоох суудуналар сылдьыахтара

Share

Муус устар 15 күнүгэр муус үрдүнэн кыһыҥҥы суоллар сабыллаллара былааннанар.

Бу күнтэн ыла Өлүөнэ өрүскэ салгын олбохтоох суудуналар дьону таһыахтара. Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри хайысханан 30 суудуна үлэлиэҕэ, мантан иккитэ аэроботтар. Кангаласс-Суотту хайысханан биэс тиэхиньикэ тардыллара былааннанар.

А- 331 «Бүлүү» уонна Р- 504 «Халыма» алта федеральнай  суолларынан билигин 30 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспардарга айан-сырыы хааччахтанна. Муус устар 10 күнүттэн 20 туоннаҕа диэри түһэриллэрэ былааннанар, оттон муус устар 15 күнүттэн бары федеральнай өрүс үрдүнэн кыһыҥҥы суоллар сабыллыахтара:
— Өлүөнэ өрүһүнэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан,
— Бүлүү өрүһүнэн Үөһээ Бүлүү бөһүөлэк аттыгар, Күндээдэ, Уустуйа уонна Кириэстээх аттыгар,
— Алдан өрүһүнэн.

Эрэгийиэннээҕи таһымнаах суолларга бүгүҥҥү күҥҥэ муус үрдүнэн биэс кыһыҥҥы суол үлэлиир. Бу суоллап эмиэ муус устар 15 күнүттэн сабыллыахтара:

— Амма, Алдан уонна Бүлүү өрүстэринэн,

— Хатас-Павловскай уонна Кангаласс-Суотту хайысханан.

«Айан-сырыы сыаната 2500 солкуобайтан үрдүк буолуо суохтаах. Ол эрээри, гидрологическай балаһыанньаны көрөн, сыана кылгас болдьоххо 5000 солк. диэри үрдүүр кыахтаах», — диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов иһитиннэрдэ. Ону таһынан уустук быһыы-майгы кэмигэр «Полярные авиалинии» АХ бөртөлүөтүнэн пассажирдары таһыыта көрүллүөҕэ.

Санатан эттэххэ, муус устар 15 күнүттэн Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан, Амма өрүһү туоруур муус үрдүнэн кыһыҥҥы суоллар сабыллыахтара. Оттон Саха сирин хотугу уонна Арктика оройуоннарыгар кыһыҥҥы суоллар бу сыл муус устар 20-25 күннэригэр диэри үлэлиэхтэрэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Төҥүлү нэһилиэгэ — 7 мөлүйүөн солкуобай!

Федеральнай хамыыһыйа «Бастыҥ муниципальнай практика – 2025» Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх кыайыылаахтарын биллэрдэ, кинилэр ахсааннарыгар Саха…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр дьиэ кэргэҥҥэ атаҕастаныыттан сэрэтэр сокуону ылынарга этии киллэрдилэр

Саха сиригэр дьиэ кэргэҥҥэ атаҕастаныыттан сэрэтэр сокуону ылынарга этии киллэрдилэр.  «Атаҕастаныыттан дьиэ кэргэн быраабын көмүскээһин»…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элбэх оҕолоох ийэлэр болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп

Үс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт дьахталлар, сөптөөх үлэ ыстаастаах буоллахтарына, болдьоҕун иннинэ биэнсийэҕэ тахсар…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Педагогтарга аналлаах «Көлүөнэ уопута» ураты симиэнэ түмүктэннэ

«Сосновай бор» оҕону сынньатар, чэбдигирдэр кииҥҥэ «Көлүөнэ уопута» симиэнэ улахан ситиһиилээхтик ыытылынна. Бу ураты бырайыак…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Кирэдьиит страховкатыттан аккаастаныахха сөп дуо?

Страховка бааны ночооттон, оттон кирэдьиит ылааччыны – болдьоҕун аһарыыттан көмүскүүр. Холобур, кирэдьиит ылааччы ыараханнык ыалдьан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сэтинньи ый Байанай таҥаралаах…

Хотугу сахалар бу кэмҥэ бултууллар, ол иһин бу ыйы ох ыйа дииллэр. Олоҥхоттон сэтинньигэ уруу…

7 часов ago