Муус устар 18 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан өрүс суола сабыллар
17.04.2025, 12:59

Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Сарсыҥҥыттан, муус устар 18 күнүттэн, Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан өрүс суола сабылларын туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бүгүн Кангаласс-Суотту хайысханан суол сабылынна. Итиэннэ бүгүн 21 чааска Амма улууһугар Амма өрүһү туоруур суол эмиэ сабыллар.
Санатан суруйдахха, муус устар 15 күнүттэн Бүлүү, Алдан өрүстэргэ баар суоллар, итиэннэ Өлүөнэ өрүһүнэн Хатас-Павсловскай хайысханан туоруур суол сабыллыбыттара.
Арктика уонна хоту оройуоннарга өрүс суоллара муус устар 20-25 күннэригэр сабыллаллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: