«Муус устар-2024» финалистара: «Бэстибээл үчүгэй эйгэтэ ыччаты кэрэхсэтэр»
Бу күннэргэ «Мин биисинэһим» киин «Мин баҕа санаам хамаандата» дьыалабыай оонньуу сүүмэрдиир түһүмэҕин ыытта. Ол түмүгүнэн уон хамаанда финалга таҕыста.
Тэрээһин олунньу 16-17 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыахтаах «Муус устар» ыччат төрдүс бэстибээлин «Стартуй к бизнесу!» хайысхатын чэрчитинэн ыытыллар.
В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрин Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата устуоруйа уонна обществознание учуутала Иннокентий Кондаков салалтатынан биир сыл анараа өттүгэр тэриллибитэ.
«Хамаандаҕа предпринимательствоҕа уонна экэниэмикэҕэ араас куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ уонна олимпиадаларга кыттыбыт үөрэнээччилэрим киирдилэр. Хамаандабыт олус түмсүүлээх, биһиги өйү сайыннарар атын оонньууларга, куонкурустарга кыттабыт», -– диэн учууталлара И.Кондаков кэпсээтэ.
Сүүмэрдиир түһүмэххэ кыттааччылар онлайн-ньыманан бэлэмнээбит биисинэс-бырайыактарын уон мүнүүтэ иһигэр билиһиннэриэхтээхтэрэ, хамыыһыйаҕа көмүскүөхтээхтэрэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэрэстэбиитэллэрэ хатарыллыбыт отоннору уонна сакалааттаах отоннору атыылааһын бырайыагын оҥорбуттар.
Финалга ону таһынан Өймөкөөн, Амма, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Нерюнгри, Ньурба, Өлөөн, Томпо улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ таҕыстылар. Бастакы туурга барыта өрөспүүбүлүкэ 31 муниципальнай оройуонун 31 хамаандата -– 217 киһи кытынна. «Мин баҕа санаам хамаандата» дьыалабыай оонньууга 14-35 саастаах 7 киһиттэн турар ыччат хамаандалара кытталлар.
«Муус устар» ыччат бэстибээлэ Саха сиригэр 2021 сылтан ыытыллар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эппитинэн, «Муус устар» ыччаттарга бэйэлэрин, талааннарын уонна дьоҕурдарын билиһиннэрэргэ, ону тэҥэ өйү-санааны тургутар, айар куонкурустарга уонна успуорт тэрээһиннэринэр кыттарга үчүгэй кыаҕы биэрэр.
Бэстибээли тэрийээччилэр — Саха сирин бырабыыталыстабата «Эльгауголь» хампаанньалыын.
(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
#ВладимирПутин
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: