«МУУС УСТАР-2024»: түмүктүүр тэрээһиннэр саҕаланнылар

Share

Бэстибээлгэ 2 тыһ.кэриҥэ ыччат өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан кыттар.

Тэрээһин бырагырааматыгар 14 хайысханан 24 куонкурус баар. Бу туһунан СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев иһитиннэрэр. Кини этэринэн, бэстибээл сыллата сайдан, кэҥээн, кыттааччыта үксээн иһэр.

Өскөтүн улуустары эрэ этэр буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ икки тыһыынча кэриҥэ ыччат кэллэ. Бэстибээли сэҥээрээччи, сэргээччи элбиир, — диир кини.

Саҥа, сонун хайысхалар болҕомтону тардаллар. Ол курдук, туризмы сайыннарыыны кытары сибээстээх «Открой Якутию!», Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо сылынан сиэттэрэн, «Моя семья – моя Россия!» уонна «Детство – горизонты будущего!» хайысхалар, «Создавай агропроизводство!»,  ону сэргэ, бырамыысыланнас хайысхатыгар «Добываем будущее вместе!» бааллар. Бэстибээр быйыл “Вместе победим!” салайтаран ыытылар.

Олунньу  17 күнүгэр «Триумф» успуорт уораҕайыгар «МУУС УСТАР – 2024» бэстибээлгэ бары 14  хайысха баар буолуоҕа. Ити күн улахан түмүктүүр тэрээһин ыытыллыаҕа. Бырагырааманы сиһилии манна көрүөххэ сөп.

Бэстибээл ыччакка улахан суолталаах. Манна кинилэр айар дьоҕурдарын, бырайыактарын олоххо киллэриэхтэрин сөп, саҥа билиини-көрүүнү ылар, саастыылаахтарын кытары билсэр, сэһэргэһэр, санаа атастаһар кыахтаналлар. «Перспектива в познании» тэрийээччи, профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарыы Институтун дириэктэрин солбуйааччы Любовь Афанасьева этэринэн, хамаандалар бастыҥ бырайыактара бэлиэҕэ ылыллыахтарын сөп. Маны сэргэ, тэрийээччилэр 15 кыттааччыны талаллар, кинилэргэ эдэр салайааччылартан куратордар сыһыарыллаллар.

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этэринэн, «Муус устар» бэстибээл ыччаттарга бэйэлэрин дьоҕурдарын, талааннарын көрдөрөллөрүгэр кыах биэрэр. Билиини-көрүүнү тургутар оонньууларга, айар куонкурустарга, спортивнай тэрээһиннэргэ кытталлар.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

23 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

56 минут ago