Муус устар 8 күнүгэр аан дойдуга барытыгар тотальнай диктаны суруйарга аахсыйа ыытыллыаҕа. Аахсыйаҕа кыттарга кулун тутар 29 күнүттэн totaldict.ru бырайыак сайтыгар бэлиэтэниэххэ сөп. Тотальнай диктаны 43 дойду 700 куоратыгар суруйуохтара.
Диктаны суруйуу totaldict.ru сайтыгар онлайн-көрүҥүнэн барыаҕа. Арассыыйаҕа 77 эрэгийиэн 600-тэн тахса нэһилиэнньэлээх пуунугар суруйуохтара. Бырайыакка кыттааччылартан саамай арҕааҥҥы туочука – Калининград уобалаһын Светлай куората, онтон илиҥҥилэртэн – Анаадырь буолаллар.
“Тотальнай диктант” былырыын Дьокуускайга онус төгүлүн ыытыллыбыта. Барыта түөрт былаһааккаҕа, ол иһигэр омук дьонугар анаан, аһыллыбыта. Диктаны Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет икки былаһааккатыгар, Национальнай бибилэтиэкэҕэ уонна “Точка кипения” былаһааккаҕа суруйбуттара.
Ыспыраапка:
Тотальнай диктант – сааһыттан, омугуттан, үөрэҕиттэн уонна социальнай таһымыттан тутулуга суох ким баҕалаах кыттар, сыл аайы ыытыллар аахсыйа. Аахсыйа нууччалыы саҥарар уонна суруйар дьону сомоҕолуур.
Маҥнайгы тотальнай диктаны аан бастаан 2004 сыллаахха Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет гуманитарнай факультетын устудьуоннара суруйбуттара. Аахсыйа 19 сыл устата аан дойду таһымнанна. Аахсыйаны “Тотальнай диктант” пуонда тэрийэр.
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…