«Муус устар» бэстибээлгэ кимнээх ыал буоллулар?
Быйыл Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн, ураты тыыны киллэрэн, «Муус устар» ыччат бэстибээлин түмүктүүр киэһэтигэр, 2 тыһыынча киһи көрөн олордоҕуна, эдэр паара саахсаламмыта. Дьэ, кинилэр кимнээҕий?
19 саастаах Алена Петрова уонна Николай Васильев олунньу 17 күнүгэр саахсаланар күннэрин талбыттар. Дьокуускайдааҕы ЗАГС управлениетын үлэһиттэрэ бу күн «Муус устар» бэстибээлгэ ыал буолбуттарын регистрациялыырга этии киллэрбиттэрин, эдэрдэр сөбүлэспиттэр.
Алена Эбээн Бытантайтан, Николай Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээхтэр. Кинилэр икки сылтан тахса кэмҥэ билсэн-көрсөн баран, бастакы туҥуй тапталларын бигэргэтэн, ыал буолбуттар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга саахсаланыы кэмигэр олус долгуйбуттарын уонна сөбүлээбиттэрин туһунан этэллэр.
Быйылгыттан ыла 25 саастарын туола илик эдэр дьон холбоһор буоллахтарына, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна эдэр ыалы өйүүр сыалтан, 50 тыһыынча солкуобай төлөнөр буолла. Васильевтарга бу төлөбүр сэртипикээтин сонно тута сыанаҕа туттарбыттара. Маны тэҥэ, бэстибээл тэрийээччилэрин ааттарыттан 50 тыһыынча солкуобай суумалаах бэлэх сэртипикээтин туттаран, үөрдүбүттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: