«Муус устар» бэстибээлгэ Надежда Ангарская, L’One кыттыахтара
Кулун тутар 24-25 күннэригэр Дьокуускайга «Муус устар» ыччат бэстибээлэ үһүс төгүлүн ыытыллар. Бырагыраама 12 хайысхалаах. Манна айар-тутар, көхтөөх ыччат түмсэн, бэйэлэрин көрдөрүөхтэрэ, бырайыактарын көмүскүөхтэрэ, элбэххэ үөрэниэхтэрэ. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэпсээтилэр.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, быйылгы бэстибээлгэ ыччат эйгэтигэр бастыҥ үлэлээх улууһу/куораты талыахтара. Манна Арктика улуустарыгар туспа кыайыылааҕы талаллар.
Буоларын курдук, Арассыыйаҕа биллэр спортсменнар, муусукааннар, үҥкүүһүттэр, digital-индустрия бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, маастар-кылаастарга, көрсүһүүлэргэ ыччаты үөрэтиэхтэрэ, араас куонкурустар буолуохтара.
Ол эрээри, былырыыҥҥы курдук улахан ороскуоттаах дроннар шоулара, олимпийскай чөмпүйүөннэр таһырдьа фигурнай хаҥкылааһыннара суох буолуоҕа. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан ырыаһыт, ыытааччы Надежда Ангарская уонна рэп-ырыаһыт Леван Горозия ыытыахтара. Тэрийээччилэр этэллэринэн, быйыл Саха сириттэн төрүттээх, Арассыыйаҕа киэҥник биллэр эдэр дьону ыҥырбыттар. Ыччат кинилэргэ тардыстан, холобур оҥоһуннун диэн.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, ыччат миниистирэ Петр Шамаев кытыннылар. Андрей Тарасенко ыччат бэлиитикэтигэр улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Онтон билигин патриотическай иитиигэ үлэ өссө күүһүрүөхтээх.
— “Муус устар” бэстибээл оҕолор, эдэр дьон кыахтарын арыйар. Кинилэр бэйэлэрин биллэриэхтэрин, талааннарын сайыннарыахтарын баҕараллар. Бэстибээл бэлиэ ойуутунан мээнэҕэ ньургуһуну талбатахпыт. Ньургуһун хаар анныттан күҥҥэ тардыһан, быган кэлэр, олоххо дьулууру, тулууру, эрчими, хорсун санааны көрдөрөр. Биһиги ыччаппыт эмиэ итинник ис күүстээх, эрчимнээх. Бэстибээл сүрүн сыалынан талааннары көрдөөһүн, өйөөһүн буолар. Бары тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэ инникитигэр эрэллээх буоларыгар, өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар кыттыыны ыларыгар туһуланаллар, — диэн кини эттэ.
Холобур, былырыын кыайбыт Данил Поскачин кэпсээбитинэн, бэстибээл кини идэ өттүнэн сайдарыгар көмөлөспүт. Кини цифровой анимация куонкуруһугар кыайбытын кэннэ, үс үөрэх кыһата преподаватель быһыытынан үлэлииригэр ыҥырбыттар. Билигин Данил Дьокуускайдааҕы технология, дизайн колледжыгар преподавателинэн үлэлиир.
Олунньу ыйтан бары улуустарга, куораттарга бэстибээл талар түһүмэхтэрэ буола тураллар. Бу түмүгүнэн ыччаттар Дьокуускайга кэлэн кыттыахтара, үөрэниэхтэрэ. Түмүктүүр дьоро киэһэ “Триумф” уораҕайыгар ыытыллыа.
Сүрүн партнер – “Эльгауголь”. Хампаанньа үһүс төгүлүн ыччат бэстибээлин өйүүр. Былырыын 18 тыһыынча кыттааччы, оттон онлайн көрүҥүнэн 200 тыһыынчаттан тахса кыттааччы баар этэ.
Быйыл бырагыраамаҕа 12 хайысха баар: «Спорт», «Кинематография и мультипликация», «Digital и IT», «Киберспорт», «Журналистика и блогинг», «Танцевальный квартал», «Музыка Якутии», «Старт к успеху», «Молодой бизнес», «Молодой педагог», «Добровольчество», «Дипломатия», «ESG».
Манна эдэр талааннар саастыылаахтарын кытары билсэн-көрсөн, дьоҕурдарын арыйан, бэйэлэрин көрдөрөн, элбэххэ үөрэнэн барыахтара. Ыччат миниистирэ Петр Шамаев этэринэн, кыайыылаахтарга салгыы сайдалларыгар, Арассыыйа таһымыгар тахсалларыгар көмөлөһүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: