Муус устар бүтүүтүттэн саҕалаан сынньаныахпыт

Share

Муус устар 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ. СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, сокуоҥҥа олоҕуран, ити күн бырааһынньык күнүнэн биллэриллибит. Онон Саха сирин олохтоохторо муус устартан саҕалаан сынньаныахтара.

Ол курдук, РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕар сөп түбэһиннэрэн, быйыл муус устар 27 күнүнээҕи (субуота) сынньалаҥ күнү муус устар 29 күнүгэр бэнидиэнньиккэ, сэтинньи 2 күнүн (субуота) муус устар 30 күнүгэр оптуорунньукка көһөрбүттэр. Онон Саха сирин олохтоохторо Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Саас, үлэ бырааһынньыктарынан муус устар 27 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри өрүөхтэрэ. Кыайыы бырааһынньыгынан ыам ыйын 9-12 күннэрэ өрөбүл күннэринэн биллэриллибиттэр.

Ситэриилээх былаас федеральнай уорганын уонна кинилэр территориальнай уорганнара, федеральнай эбэтэр олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр СӨ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, ону тэҥэ, Саха сиригэр баар атын бас билэр көрүҥнээх тэрилтэлэр 2024 сыл муус устар 27 күнүгэр үлэлииллэрин дуу, бырааһынньык күнүнэн биллэрэн өрүүллэрин дуу бэйэлэрэ быһаараллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago