Муус устар ыйыттан ГИБДД-га эксээмэннэри туттарыы бэрээдэгэ уларыйар
Арассыыйа үрдүнэн муус устар 1 күнүттэн ГИБДД-га эксээмэннэри туттарыы бэрээдэгэ уларыйар.
Былырыын ахсынньыга ИДьМ уорганнара саҥа ылыммыт регламеннара күүһүгэр киириэҕэ. Урут биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, саҥа уларыйыылар сүрүнэ эксээмэни туттарыыга киллэрэр уларытыылары кытта сыһыаннаах.
Бастатан туран, бу күнтэн ыла практическай эксээмэннэри туттарыыга маневрдар испииһэктэрэ чуолкайданар. Ол курдук, «А» уонна «М» категорияларга уонна «А1» категорияҕа мотоциклы умуруоран баран, кэннинэн үтүү уонна стоянкаҕа туруоруу оннугар, «колейная доска» диэн эрчиллии баар буолуоҕа.
Ону таһынан муус устар 1 күнүттэн эксээмэни төрдүс уонна кэлиҥҥи туттарыыларга 6 ыйынан эрдэ буолбакка, ааспыт эксээмэн күнүттэн 9 ыйынан хойутаабакка эмиэ туттарыахха сөп буолар. Холобур, билигин бигэргэммит болдьоҕунан эксээмэни биир ый кэннэ уонна 3 ый хойутаабакка туттарыллар.
Эксээмэни туттарыы быраабылалара эмиэ уларыйаллар. Ол курдук, бу гражданнар эксээмэн туттарар бырааптара быһыллар:
— тырааныспары ыытар бырааптара быһыллыбыттар;
— суоппар дастабырыанньатын болдьоҕун ааспытын кэннэ кэмигэр туттарбатахтар;
— итирик туруктаах сылдьан буруйу оҥорбут суоппардар, ону кытта мэдиссиинэ көрүүтүттэн аккаастаммытар;
— тырааныспары ыытарга көҥүллэрэ быһыллыбыт быһаччы сибээстээх үлэнэн дьарыктанааччылар.
Ону таһынан «Д» уонна «Д1» категорияларга ыытарга «В» эбэтэр «С» категориялаах, «С1» эбэтэр «Д1» категориялаах биир сыл ыстаастаахтарга эрэ көҥүллэниэҕэ. Билигин манна уопут ирдэниллибэт, арай суоппар 21 сааһын туолбута көрүллэр.
Итини кытта, муус устар ыйтан практическай эксээмэни туттарыыга балл суумата эмиэ улаатара күүтүллэр. «В», «С», «ВЕ», «СЕ» уонна «С1», «Д1», «С1Е» уонна «Д1Е» категория суоппардарын хандьыдааттарыгар ыстараап баллын суумата 7 ыстараап баллга диэри эбиллиэн сөп. Онуоха кэһии иһин баллары туруоруу уруккунан хаалыан сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: