Саха сиригэр үлэ харыстабылын ыйа саҕаланна

Саха сиригэр муус устар 1-30 күннэригэр сыл аайы ыытыллар үлэ харыстабылын ыйа саҕаланна диэн иһитиннэрэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.
Ый өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туһааннаах министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри, муниципальнай тэриллиилэри уонна бас билии бары көрүҥүн тэрилтэлэрин кытыннаран ыытыллар.
Араас тэрээһиннэр, ол иһигэр судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарыгар уонна олохтоох салайыныы, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уорганнарыгар, үлэ биэрээччилэргэ үлэ харыстабылын тирээн турар боппуруостарыгар онлайн-сэминээрдэр, «СӨ үлэ харыстабылын бастыҥ исписэлииһэ» уонна «Үлэ харыстабыла оҕо хараҕынан» оҕо уруһуйдарыгар куонкурустар былааннаммыттар.
Санатан эттэххэ, хас сыл ахсын муус устар 28 күнүгэр Үлэ норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэтэ (МОТ) Аан дойдутааҕы үлэ харыстабылын күнүн бэлиэтиир, онно болҕомтотун үлэҕэ куттал суох буолуутугар уонна үлэ гигиенатыгар сыһыаннаах тирээн турар боппуруоска уурар. Быйыл сылга ый сүрүн тиэмэтинэн “Үлэ миэстэтигэр оҥоһуу өй уонна цифровизация оруола” диэн буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: