Салгыы
Муус устардааҕы «Чолбоҥҥо» Тулаайах оҕо, барон Мюнгхаузен уонна Дугуйдан мүччүргэннээх сырыыларын ааҕыҥ

Муус устардааҕы «Чолбоҥҥо» Тулаайах оҕо, барон Мюнгхаузен уонна Дугуйдан мүччүргэннээх сырыыларын ааҕыҥ

Ааптар:
08.05.2023, 09:55
Бөлөххө киир:

Далан «Тулаайах оҕо» романыгар утумнааһын туһунан норуот көрүктэрэ, Азербайджан суруйааччыта Акбер Гошалы, лирик поэт Альберт Бүлүүйүскэй, барон Мюнгхаузен уонна Дугуйдан мүччүргэннээх сырыылара, саха банкирын кытта сэһэргэһии…

Быйыл төрөөбүтэ 95 сылын туолбут саха норуодунай суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» романыгар утумнааһын туһунан норуот көрүктэрин литература кириитигэ уонна этнопедагог Ольга Макарова «Далан – саха сээркээн сэһэнньитэ» диэн ыстатыйатыгар анаарар.

Муус устар ыйга олоҕун орто омурҕанын үктэммит Сэмэн Маайыһап «Дьолго дьулуһар буоллахха» романын салгыыта; быйыл «Ааҕар Саха сирэ» хамсааһын тэрийбит оҕоҕо аналлаах мүччүргэннээх уонна фантастика кэпсээннэр күрэстэрин кыайыылааҕа Римма Корякина-Хотууна «Халлаан уола» диэн омуннаах кэпсээнэ.

Сэбиэскэй лирик поэттарын Баал Хабырыыс уонна Альберт Бүлүүйүскэй үйэлээх айымньылара; аныгы кэм бэлиэ поэта Зинаида Архипова саҥа хоһоонноро; Саха уонна Азербайджан литератураларын алтыһыннарбыт суруйааччы Акбер Гошалы хоһооннорун норуот поэта Наталья Харлампьева тылбааһа.

Аатырбыт барон Мюнхгаузен Саха сиригэр мүччүргэннээх сырыыларын туһунан норуот суруйааччыта Владимир Федоров сэһэнин түмүгэ.

Дугуйданнаах ытык Байкал күөл кытылын устун айаннаан, Иркутскайы ааһан Красноярскай куоракка тиийиилэрэ. Баан үрдүкү кэрдиистээх үлэһитэ Афанасий Лугинов үбү сөптөөхтүк туһаныыга сүбэлэрэ.

Саха норуодунай суруйааччыта Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай романын тула Нам ааҕааччыларын санаалара.

Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: