Мууска «ыһаарыламмыт» быар, тайах уоһа — туристар сөбүлүүр астара

Мууска «ыһаарыламмыт» быар, тайах уоһа — туристар сөбүлүүр астара

14.12.2022, 17:49
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ  «Атласовтар уһаайбалара» этнографическай комплекс хаһаайыттара туризм хайысхатыгар саха аһын туристарга билиһиннэрэр соруктаах араас сонун көрүҥү толкуйдаан олоххо киллэрэллэр.

Ол курдук, «Атласовтар уһаайбалара» эрэстэрээн бренд-шеф пуобара Николай Атласов  тэрийэр «Гастрономическай киэһэтэ» дьон кутун тутар тэрээһининэн буолла.

Ааспыт сырыыга оҕолоро аҕаларын үбүлүөйүгэр ийэлэрин кытта ыытан, дьолунан сыдьаайбыт төрөппүттэргэ бренд-шеф асчыт анал сэртипикээт бэлэхтээн турар. Аны манна дойду киин куораттарыттан  уонна өрөспүүбүлүкэ  улуустарыттан кэлэ сылдьар туристар хото сылдьаллар эбит. Асчыт аһын амсайыы кэмигэр ыытааччы остуолларынан кимнээх хантан кэлбиттэрин  билиһиннэрбитин  кэнниттэн бары доҕордуу буолан хаалаллар. Олохтоох билсиһии, дьэ, саҕаланар. Үгүстэр инстаграмтан билэн кэлэллэр эбит. Туристар дьонтон истэн эмиэ кэлэллэр.   Иккистээн да кэлээччи баар.

Бу тэрээһиҥҥэ Атласовтар дьиэ кэргэн бары кытталлар, сүүрэллэр-көтөллөр. Гастрономическай тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттары ыал ийэтэ Валентина Атласова алгыһынан көрсөр.

Ааспыт өрөбүллээҕи гастрономическай киэһээҥҥи аһылыкка Николай Атласов саха норуотун үгэс буолбут национальнай астарын сонуннук астаан амсатта. Тайах уоһун, тыатааҕы баппаҕайын, тайах этиттэн сокуусканы амсайыаххытын баҕараҕыт дуо? Дьэ, ол бүдүүдэни маннык астаан гастрономическай киэһээҥҥи аһылыкка амсаттылар.

Бренд-шеф пуобар Николай Атласов быйыл Балык кыһыытын арктическай киинин аста. Онно иһитэ барыта муус. Аһын эмиэ муус иһиккэ астыыр. Ол курдук, маннык тоҥ быары «ыһаарылыыр» бэртээхэй муус иһиттээх.

Ол бүлүүдэтин кини маннык оҥорор эбит. Ириэнэх быары блендэрдиир. Ол убаҕаһын кини мууска кутан «ыһаарылыыр», ол эбэтэр тэҥниир.

Үрдүгэр эмиэ блендэрдэммит убаһа сыатын кутар. Бытарыллыбыт чеснок эбэр. Эмиэ тэҥнээн баран, туттар тимир  тэрилинэн сыыйа муустан арааран, төгүрүтэн кэбиһэр.

Дьэ, бу  маннык «ыһаарыламмыт» быар бэрт минньигэс бэйэлээх бүлүүдэ буолан тахсар. Ол бүлүүдэни маннык мууска киэргэтэн амсаталлар.

Саҥа дьылга быартан маннык бэртээхэй бүлүүдэни астыахха сөп. Быары эрийэн тоҥоро сатаабакка, тута төгүрүтэн, дьоҥу күндүлүөххэ сөп.

«Индигирка» салаат тумата эмиэ интэриэһиргэттэ. Сүөгэй  булкааһыктаах саламаат тума дьарҕааттан, уомултан уонна сыалыһар быарыттан оҥоһуллубут салааты олус тупсарар эбит.

Аны бу өр буһарыллыбыт куобах этиттэн   оҥоһуллубут салаат «Саюри» пиирмэ оҕурсуутунан уонна помидорунан киэргэтиллибит.  Амтана — олус  минньигэс!

Оттон бу саламаат эмиэ биир көрүҥэ. Отон арааһын таммалатан баран үрдүгэр саламааты куталлар. Үрдүгэр эмиэ отон уураллар.

Миини маннык буһаран амсаталлар. Үрдүгэр тиэстэлээн баран духуопкаҕа өр кэмҥэ буһара уураллар. Килиэп оннугар бу бурдук астаммыт миин киһи киһиэхэ кэпсээбэт минньигэһэ, дьэ, бу баар.  Аттыгар «копченай» дэнэр сүөгэй турар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, гастрономическай киэһэ аһылыкка ыал ийэтэ Валентина Атласова ыалдьыттарын алгыһынан балаҕаҥҥа көрсөр буоллаҕына, ыал аҕата Василий Атласов бу тэрээһини түмүктүүр. Кини «Атласовтар уһаайбалара» туристическай комплекс хайдах төрүттэммититтэн саҕалаан, күн бүгүҥҥэ диэри дьиэ кэргэн туризмы сайыннарар Арктическай киинэ буолбутугар тиийэ кэпсиирин кэлбит дьон олус болҕомтолоохтук истэллэр, сэргииллэр. Онон биир дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэ көлүөнэни солбуйан, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэригэр туризм биир суолталаах көрүҥүн — саха аһын кэпсээн тарҕаталлар. Аны бу дьыаланы сиэннэр салҕыахтара  буоллаҕа.

Дьон санаатын истэр соруктаах «Якутия» Конгресс-киин үлэһитэ Светлана Александрованы кытта кэпсэттим.  Сэһэргэһээччим тэрээһин туһунан бу курдук санаатын үллэһиннэ.

Ити курдук, Атласовтар дьиэ кэргэн саха норуотун аһын-үөлүн киэҥ араҥаҕа тарҕатар сонунтан сонун бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Туристическай комплекс генеральнай дириэктэрэ Валерия Атласова бэлиэтииринэн, бренд-шеф пуобар Николай Атласов  бу күннэргэ барыта холбоон 10 маннык саха төрүт аһын биһиннэрэр тэрээһини ыытта. Бу күннэргэ кини  саха аһын астааһыҥҥа  улуустар кафеларын, остолобуойдар асчыттарыгар маастар-кылаастары ыытан эрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: