Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Share

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста.

Куонкурус уһулуччулаах муусука учуутала Владимир Малышкин төрөөбүтэ 75 сылыгар ананна. Бочуоттаах ыалдьыттарынан Владимир Иванович кыргыттара Алена уонна Галина Владимировналар буоллулар.

Куонкуруска Дьокуускайтан, Өлүөхүмэттэн, Хатастан муусука абылаҥар оҕолору уһуйар аҕыс учуутал күөн көрүстэ. Уопуттаах мусукааннартан уонна педагогтартан турар дьүүллүүр сүбэ үс түһүмэҕинэн куонкуруһу ыытта: аһаҕас уруок, маастар-кылаас уонна айар үлэни көрдөрүү.

Хаартыска: Анастасия Пинигина тиксэриитэ.

Куонкурус түмүгүнэн гран-при кыайыылааҕынан Дьокуускайдааҕы Б.А. Горбатюк аатынан 15 №-дээх орто оскуола муусукаҕа учуутала Оксана Шароглазова буолла. Призер бочуоттаах аатын Дьокуускайдааҕы 10 №-дээх орто оскуола учуутала Мария Третьякова уонна 34 №-дээх коррекционнай оскуола учуутала Юлия Васильева ыллылар. Ил Түмэн үөрэххэ, билимҥэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин махталын Хатас орто оскуолатын учууталыгар Николай Андросовка уонна Өлүөхүмэ к. 1 №-дээх орто оскуолатын учууталыгар Вера Феоктистоваҕа туттардылар. Ону тэҥэ Хатас орто оскуолатын учуутала Николай Андросов “Тыыннаах муусука” анал ааты тутта.

Куонкурус талааннаах педагогтарга өйөбүл эрэ буолбакка, духуобунай-сиэрдээх-майгылаах иитиигэ  муусука уруоктара  улахан суолталаахтарын көрдөрдө.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

3 часа ago