“Муусука — барыбытыгар” бырайыак иккис уон сыла саҕаланна
Аҕыйах хонуктааҕыта, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээбит “Муусука — барыбытыгар” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Бу күн 10 сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаардылар, салгыы “Муусука – барыбытыгар” бырайыак иккис уон сыла саҕаланар.
Тэрээһин иитинэн Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын сыанатыгар Саха сирин муусукаҕа бастыҥ кэлэктииптэрэ кэнсиэр көрдөрдүлэр, “Музыкаҕа киэҥ билиилээх” өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада, “Музыкальнай дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар, муусука кэлэктииптэрин бастыҥ салайааччыларыгар махтал суруктары туттардылар уонна номинацияҕа тиксибиттэри иһитиннэрдилэр.
“Муусука – барыбытыгар” бырайыак уон сыла биллэриллиитин бэлиэ түгэнинэн Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Марина Силина, “Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуонда” кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров, “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччы Данил Жирков эҕэрдэлээтилэр.
“Муусука — барыбытыгар” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак иккис уон сыла олоххо киириитигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы итиэннэ Үөрэх уонна билим министиэристибэлэрэ бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр илии баттастылар.
“Муусука — барыбытыгар” бырайыак уон сыла аһыллыытыгар анаммыт дьоро кэнсиэр кэнниттэн бырайыак кыттааччылара лиэнтэни кырыйдылар. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар суруллар. Сиһилии бу сигэни баттаан ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: