Муусука үрдүкү оскуолата саҥа дьиэлэниэ!

Муусука үрдүкү оскуолата саҥа дьиэлэниэ!

Ааптар:
29.10.2023, 11:00
Хаартыска: Егор Карпов
Бөлөххө киир:

1999 сыл сайыныгар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр бастакытын кэлэ сылдьыбыта. Оччолорго кини Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын дириэктэринэн үлэлиир этэ. Кылгас кэмнээх командировка устата Путин элбэх дьону кытта көрсүбүтэ, үгүс тэрилтэлэргэ ыалдьыттаабыта биллэр. Ол иһигэр, Муусука үрдүкү оскуолатыгар тиийэн үөрэх кыһата хайдах үлэлии турарын кытта билсибитэ.

Бэрэсидьиэн тус сыһыаннаах тутуута

Владимир Путин балаҕан ыйын 5 күнүгэр Уһук Илин эрэгийиэннэр куораттарын сайдыытыгар анаммыт мунньахха Саха сиригэр Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа үөрэнэр
куорпуһун тутуутун Арассыыйа бырабыыталыстыбата хонтуруолга ыларыгар сорудахтаабыта.

“Саха сиригэр Муусука үрдүкү оскуолатын комплекса былааннанан турар. Бу тутуулары бырабыыталыстыба тус хонтуруолугар ыларыгар көрдөһүөм этэ. Оҕолор аныгылыы киэҥ-куоҥ, үөрэнэргэ табыгастаах оскуолаҕа үөрэнэллэрин туһугар тутуулары 2026 сылга диэри олоххо киллэриэххэ диэн этиилээхпин. Мин бу оскуолаҕа тиийэ сылдьыбыттаахпын. Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга оҕолор хайдахтаах курдук ситиһиилэри көрдөрөллөрүн сөҕөн турабын”, — диэн Владимир Владимирович бу тутууга тус сыһыанын көрдөрөн эппитэ.

Оскуола хаһаайыстыбаннай чааска проректора Егор Гоголев этэринэн, үөһээ этиллибит мунньах туһунан сонуну үөрэх кыһатыгар улаханнык үөрэн-көтөн истибиттэр:
— Саҥа куорпус тутуута — былааннаммыт, бырайыактаммыт, бары таһымнарга сөбүлэҥ ылбыт бырайыак. Ол да буоллар, дойду саамай үрдүкү таһымыгар өйөбүлү ылыы, биллэн турар, тутууну түргэтэтэр кыахтаах. Бу иннинэ, ыам ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев Бэрэсидьиэн көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкины кытта кэлэн, оскуола саҥа дьиэтэ туруохтаах сирин көрбүттэрэ, тутуу ымпыгын-чымпыгын сиһилии ырыппыттара. Онон, саҥа куорпус былааннаммыт болдьоҕор тутулларыгар бүк эрэллээхпит, — диэн санаатын үллэстэр.

Ураты ирдэбиллээх тутуу

Быйыл Муусука үрдүкү оскуолатыгар 7-тэн 18 саастарыгар диэри 182 оҕо уонна үрдүкү үөрэх 104 устудьуона үрдүттэн олорон эрэ үөрэнэллэр. Дьиҥэр, билигин баар
дьиэлэр биир күн 150 киһи кэлэригэр бырайыактаммыт тутуулар эрээри, Оскуола дэриэбинэтигэр биир кэмҥэ 450 кэриҥэ киһи үлэлиир, үөрэнэр. Саамай кыһарыйтарар кыһалҕанан бөлөҕүнэн үөрэнии кылаастара тиийбэттэрэ буолбут. Сөптөөх кэнсиэртиир саала, опернай бэлэмнэнии кылааһа, муусука устар устуудьуйа суоҕа үөрэх үлэтин күн аайы атахтыыр.

Манна туһаайан эттэххэ, муусука оскуолатын дьиэтэ атын орто үөрэх оскуолаларыттан туспа ирдэбиллээх тутуу буолар. Уратыта тыаһы-ууһу кытта үлэлээһиҥҥэ сытар — тыаһы хааччахтыырга (звукоизоляция) атын матырыйаал, эркин, аан халыҥа хааччыллыахтаах.

— Биһиги оскуолабыт тутуута ураты. Холобур, билигин типовой орто оскуоланы тутарга, ортотунан, 700–800 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр. Оттон интэринээттээх, сөптөөх тыаһы тутар хостордоох муусука оскуолатын тутуутугар икки бүк үп көрүллэр. Билигин тутуллуохтаах дьиэбит симиэтэтинэн 1 млрд. 600 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх, — диэн кэпсиир оскуола ректора Надежда Зайкова. — Билиҥҥиттэн саҥа куорпуска киириигэ бэлэмнэнэ сылдьабыт. Үс сыл устата муусука үстүрүмүөнүн атыыластыбыт: духовой, ударнай, смычковай үстүрүмүөннэри. Билигин бу “баайбытын” толору туттар усулуобуйа да суох, оннооҕор харайар уустук.

Саҥа бырайыак

Оскуола тутуллуохтаах сирэ, кэрэ көстүүлээх ыраас толоонолбуор нөҥүө нэлэһийбит. Манна 240 үөрэнэр миэстэлээх, 150 оҕо олорор интэринээттээх киэҥ-куоҥ, аныгы тутуу дьэндэйиэхтээх. Тутуу аныгыс сылтан саҕаланар, барыллаан 2026 сылга түмүктэниэхтээх. Этиллибитин курдук, тыаһы таһаарбат халыҥ эркиннэрдээх, үчүгэйдик ыпсар ааннардаах үөрэнэр кылаастар баар буолуохтара, саҥа бибилэтиэкэ, көмпүүтэрдээх кылаас, муусука устар устуудьуйа уонна да атын туйгун үөрэххэ туһалаах хостор баар буолуохтара.

“Бэрэсидьиэн скрипкаҕа оонньуур оҕолору астына истибитэ”

Оскуола төрүттэниэҕиттэн үлэлиир педагогтар Муусука Үрдүкү оскуолатыгар аҕыйаҕа суохтар. Олортон биирдэстэрэ, 30 сыл кэриҥэ үлэлээбит, үөрэтэр-мэтэдиичэскэй үлэ салайааччыта Раиса Васильева.

— Оскуолабыт биир сүрүн уратыта — оҕо бастакы кылааска үөрэнэ кэлэн баран, үрдүк үөрэхтээх киһи буолуор диэри манна олорон үөрэнэр. Саха сирин араас муннуктарыттан дьоҕурдаах оҕолору көрдөөн булабыт, талааннарын арыйабыт. Оскуола төрүттэниэҕиттэн үтүмэн элбэх оҕо үөрэннэ, кынаттанан муусука эйгэтигэр идэтин булла.

Раиса Ильинична Владимир Путин оскуолаҕа ыалдьыттыы кэлбитин туһунан ахтан аһарда:

— Оччолорго ГАИ массыыната суолга бэрт аҕыйахтык көстөр курдук этэ. Ол иһин аан бастаан арыаллааччы ГАИ массыыната элбэҕин соһуйа көрбүтүм. Владимир Владимирович сүр сыыдамнык туттан тутатына кэнсиэртиир саалаҕа киирэн оҕолор оонньууларын истибитэ. Ол кэнсиэргэ кыттыбыт оҕолор билигин Саха сиригэр биллэр мусукааннар буолуталаабыттара, холобур, Композитордар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев. Сорохтор филармонияҕа үлэлииллэр. Путин ордук астына скрипкаҕа оонньуур кыргыттары көрбүтэ быһыылааҕа. Ол кэнниттэн “бэйэтин оҕолоро скрипкаҕа оонньууллар үһү” диэн кэпсээбиттэрэ. Кэнсиэр кэнниттэн Василий Афанасьевич кэбиниэтигэр киирэн кэпсэппиттэрэ, онтон балаҕаҥҥа тахсан аһаабыттара. Онно барыбытын “кэлиҥ, бииргэ олорон аһыаҕыҥ” диэн ыҥырбыттара эрээри, кэмчиэрийэн тахсыбатаҕым. Билигин кэмсинэбин, онно барбытым буоллар, “Арассыыйа бэрэсидьиэнин кытта биир остуолга аһаан турабын” диэн кэпсиэм этэ буоллаҕа.

Аан дойдуга аатырдыахтара

Ыам ыйын 11 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар РФ миниистирэ Алексей Чекунков уонна Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга В. А. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатыгар тиийэ сылдьыбыттара.

Онно Ил Дархан Айсен Николаев оскуола тутуута өрөспүүблүкэ сайдыытыгар биир сүрүн суолталаах эбийиэк буоларын эппитэ: «Бу күннэргэ Дьокуускай куорат сайдыытын барыллыыр маастар-былааны таҥааһыҥҥа улахан үлэ барда. Онно эһиги оскуолаҕыт биир бастыҥ суолталаах тутуунан бэлиэтэннэ. Биһиги киин куораппыт култуурунай сайдыытын биир бастыҥ туочукатынан сотору кэминэн Муусука үрдүкү оскуолатын тутуу буоларыттан олус үөрэбин. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, оҕолор талааннарын өссө үчүгэй усулуобуйаҕа сайыннарыахтара уонна төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин дойдуга эрэ буолбакка, аан дойдуга аатырдыахтара».

Түмүккэ

Быйыл В. А. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолата тэриллибитэ 30 сылын туолла. 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Муусука үрдүкү оскуолатын тэрийэр туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Онтон ыла Муусука оскуолатыттан тыһыынчанан араас таһымнаах күрэхтэһиилэр лауреаттара, 214 үрдүк үөрэхтээх, 277 орто үөрэхтээх идэтийбит мусукааннар таҕыстылар, оскуола выпускниктара Саха сирин норуодунай артыыһа, үтүөлээх артыыс аатын сүкпүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ муусука ускуустубата саҥа таһымҥа тахсыбыта, урут аркыастырдар үксүн кэлии үлэһиттэринэн таҥыллар эбит буоллахтарына, билигин Саха сирин тыйаатырдарыгар бу оскуола үөрэнээччилэрэ баһыйар элбэхтэр.

Оскуоланы Канадаттан кэлбит тутааччылар туппуттарын иһин, норуокка «канадскай дэриэбинэ» диэн ааттыыр этилэр. Оччолорго тутуллубут мас дьиэлэр билигин даҕаны бэрт сэнэх туруктаах тураллара үөрдэр. Ону кытта саҥа, аныгы үөрэнэр куорпус тутулуннаҕына, муусука өттүгэр сайдыы Саха сиригэр өссө тэтимириэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: