Муусука үрдүкү оскуолатыгар оҕолору сүүмэрдиэхтэрэ

Share

2024-2025 үөрэх дьылыгар Муусука үрдүкү оскуолата оҕолору сүүмэрдиирин туһунан оскуола үөрэххэ уонна научнай үлэҕэ проректора Светлана Вдовенко иһитиннэрдэ. Оҕолору сүүмэрдээһин, талыы муус устар 17 күнүттэн саҕаланыаҕа.

«Баҕалаах оҕо ахсаана сыл ахсын элбиир. Ааспыт сылга биир миэстэҕэ ортотунан  иккилии хандьыдаат баара. Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэнии муусука эйгэтигэр оҕо талаанын арыйарга кыах биэрэр.  Туспа биридимиэт рейтинигэр «Музыкальное искусство» хайысха номнуо иккис сылын лигаҕа киирэр. Онон талааннаах оҕолору кэтэһэбит», – диэн проректор санаатын үллэһиннэ.

Билигин Муусука үрдүкү оскуолатыгар 174 үөрэнээччи уонна 103 устудьуон үөрэнэр. Бу оскуоланы бүтэрбит оҕолор истэригэр өрөспүүбүлүкэ норуодунай уонна үтүөлээх артыыстара бааллар.  Оскуола үтүөтүнэн Саха сирин судаарыстыбаннай филармонията аһыллан, «Виртуозы Якутии» о.д.а. ансаамбыллар үүммүттэрэ. Муусука үрдүкү оскуолатын бүтэрээччилэр өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа ускуустуба, култуура, үөрэх араас эйгэтигэр үлэлииллэр. Олор истэригэр  Мариинский тыйаатыр, Большой тыйаатыр, Нуучча филармониятын симфоническай оркестра, Михайловскай тыйаатырдары ааттыахха сөп.

Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар Муусука үрдүкү оскуолатын тутуутун хааччыйарга сорудахтаабыта. Ол курдук, 240 оҕо үөрэнэригэр уонна 150 миэстэлээх уопсай дьиэни тутуу былааннанар.

Муусука үрдүкү оскуолатын тутан үлэҕэ киллэрии 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago