Муусука Үрдүкү оскуолатын кампуһун тутуута саҕаланна

Share

Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатын кампуһун тутуу бастакы сыбаайатын түһэрдилэр. Эбийиэк 240 миэстэлээх үөрэнэр куорпустаах, кэнсиэртиир саалалаах уонна 150 миэстэлээх интэринээттээх буолуоҕа. Эбийиэк 2026 сыл сайыныгар тутуллан бүтүөхтээх.

«Биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев бэйэтин ыйааҕынан Муусука Үрдүкү оскуолатын төрүттээбитэ. Оскуола хас да сыллар усталара өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн муусука эйгэтигэр каадырдары бэлэмниир акылаатынан буолар. Саҥа оскуола өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа муусукатын үөрэҕэр флагман быһыытынан хааларыгар Муусука Үрдүкү оскуолатыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтииринэн, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр бастакы кэлиитигэр Муусука Үрдүкү оскуолатыгар сылдьыбытын ахтар эбит:

«Бэрэсидьиэн Владимир Путины ыраах улуустартан үөрэнэ кэлбит биһиги талааннаах оҕолорбут классическай айымньылары толорон сөхтөрбүттэр. Баҕар итиннэ сытара буолуо, бэрэсидьиэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты сыһыанын кистэлэҥэ. Онон эһиэхэ улаханнык махтанабын».

Муусука Үрдүкү оскуолатын ректора Надежда Зайкова өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыгар федеральнай бырабыыталыстыба быһаарыытын кэтэспэккэ, тутуу өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн саҕаламмытынан махталын биллэрдэ:

— Өрөспүүбүлкэбит күнүн күүһэ, эньиэргийэтэ тутуубут кэмигэр тутуллан үлэҕэ киирэригэр төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит. Манна оскуолабыт оҕолоро, кинилэр төрөппүттэрэ, эбээлэрэ, эһээлэрэ муһуннулар. Ону сэргэ билигин тэҥҥэ тутулла турар Арктическай ускуустуба уонна эпос киинэ биһиги оҕолорбут үчүгэй акустикалаах саалаҕа дьырктаналларыгар уонна аан дойду, Арассыыйа таһымнаах муусукалары истэллэригэр кыаҕы биэриэҕэ.

Саҥа оскуоланы «СК-15» тэрилтэ тутуоҕа. Тутуу 2026 сыл ибэс ыйын 20 күнүгэр аанын аһыаҕа. Бэлиэтээн суруйдахха, 2024 сыл Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Бу быһаарыы Саха сирин оҕолоро сайдар саҕахтарыгар туһуламмыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

56 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

16 часов ago