Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа дьиэтин тутуу 2024 сылтан саҕаланыаҕа
Ыам ыйын 11 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар РФ миниистирэ Алексей Чекунков уонна Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатыгар сырыттылар.
Кинилэр оскуола сүрүн эбийиэктэрин: бастакы ректор Василий Босиков аатынан искибиэри, үөрэнэр куорпустары, үөрэнээччилэр олорор уопсай дьиэлэрин, кэттиэстэри көрдүлэр.
Онтон Муусука үрдүкү оскуолатын чаҕылхай талааннаах оҕолорун кэнсиэрин көрдүлэр. Кэнсиэр аан дойдуга киэҥник биллэр «Айархаан» бөлөх толоруутуттан саҕаланна. Альбина Дегтярева аатыттан Максим Станиславичка саха хомуһун туттардылар. Бу күн «Виртуозы Якутии» судаарыстыбаннай ансаамбыл, скрипачтар, пианистар, духовой оркестр, кырачаан ырыаһыттар талба талааннар чахчы да Муусука үрдүкү оскуолатыттан иитиллэн тахсалларын туоһулара буоллулар.
Максим Орешкин: «Мин бүгүн оҕолор толорууларыттан улаханнык дуоһуйдум. Бэйэбин Улахан тыйаатырга сылдьар курдук сананан ыллым» , -– диэн үрдүк сыанабылы биэрдэ.
Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччилэригэр уонна преподавателлэригэр биир олус күүтүүлээх түгэнинэн оскуола иккис уочаратын -– үөрэнэр саҥа куорпуһу тутуу буолар. Бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэр ыытыллыбыттар, судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааспыттар.
240 оҕо үөрэнэр, 150 миэстэлээх саҥа эбийиэк Муусука үрдүкү оскуолатын билиҥҥи сиригэр-уотугар тутуллуоҕа. «Биһиги киин куораппыт култуурунай сайдыытын биир туочукатынан сотору кэминэн Муусука үрдүкү оскуолатын тутуу буоларыттан олус үөрэбин. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, оҕолор бэйэлэрин талааннарын өссө үчүгэй усулуобуйаҕа сайыннарыахтара уонна төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин дойдуга эрэ буолбакка, аан дойдуга аатырдыахтара», -– диэн Айсен Николаев эттэ.
Надежда ЗАЙКОВА, Муусука үрдүкү оскуолатын ректора:
— Биһиги Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевичкэ олус махтанабыт. Бу күннэргэ Саха сиригэр киэҥ далааһыннаах бырагырааманан үлэлии сылдьар РФ бэрэсиэдьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин кэлбитигэр Муусука үрдүкү оскуолатыгар саҥа дьиэни тутууну былаан быһыытынан билиһиннэрбиттэригэр махтанабыт. Биһиги саха ускуустубатыгар, норуоппутугар туһаны аҕалар тэрилтэбит дии саныыбыт. Онон, суолта биэрэн биһиэхэ кэлэн барбыттарыттан олус астынныбыт. Ыалдьыттарбыт оҕолорбут кэнсиэртэрин дуоһуйа көрдүлэр. Тутуу саҕаланарыгар улаханнык эрэнэбит.
В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолата тэриллибитэ 30 сылын туолла. 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Муусука үрдүкү оскуолатын тэрийэр туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Оскуоланы Канадаттан кэлбит тутааччылар туппуттарын иһин, норуокка «канадскай дэриэбинэ» диэн ааттыыллар. 1993 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Штыров бу эбийиэги талааннаах муусукаан оҕолорго биэрэр уонна оскуолаҕа оҕолору сүүмэрдиир туһунан уураахха илии баттаабыта. Сүүмэрдээһини олох кырачаан оҕолортон саҕалаабыппыт. Онон аан бастаан сүүмэрдэммит скрипач уонна пианист оҕолор 5-6 эрэ саастаах этилэр. Оҕо саада аһыллыбыта, онтон начаалынай кылааһы бүтэрбиттэрэ, улаатаннар орто анал оскуола баар буолбута. Билигин оҕолору 11-с кылааска диэри уопсай үөрэхтээһин бары предметтэригэр үөрэтэбит. Кинилэр 10-11-с кылаастарга устудьуоннарынан ааттаналлар, бүтэрэллэригэр орто уопсай үөрэхтээһин туһунан диплом ылаллар. 1995 сыллаахха үрдүк үөрэх кыһата аһыллан, үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэри таһаарабыт. Бакалавриат баар.
Быйыл эбэтэр эһиил муусукааннарга аспирантура арыйарга сайабылыанньа биэрдибит. Онон, талааннаах ыччаттарбыт эбии 2,5 сыл үөрэниэхтэрэ. Биһиги классическай үнүстүрүмүөннэргэ барытыгар оонньуур мусукааннары иитэн таһаарабыт.
2012 сыллаахха скрипачтар судаарыстыбаннай ансаамбыллара тэриллибитэ. 18 сылынан судаарыстыбаннай филармония аһыллыбыта. Муусука үрдүкү оскуолатын бүтэрбит биһиги оҕолорбут Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыгар, дойду бөдөҥ оркестрдарыгар, Улахан тыйаатыр оркестрыгар, Мариинскай тыйаатырга, Москватааҕы филармонияҕа уо.д.а. үлэлииллэр. Сорохторбут аан дойду бөдөҥ оркестрдарыгар бааллар, онно солистыыллар.
Билигин оскуолабытыгар 265 үөрэнээччилээхпититтэн 102-тэ устудьуоннарынан ааҕыллаллар. 72 устудьуон хайыы үйэ куорат мусукаалынай кэлэктииптэригэр концермейстердарынан үлэлиир, — диэн кэпсээтэ.
Видеоҕа: фортепиано отделениетын преподаватела Дорофей САВВИНОВ:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: