Музалар талааннара түөрт өҥүнэн оонньоото

Share

«Аныгы бырааһынньыкпыт элбэҕэ» диэн мөҕүттэбит эрээри, ийэлэр омуна суох сылга үстэ Ийэ күннүүр буоллубут. Сылга үстэ эҕэрдэлэтэр, оҕолортон махтал тыл истэр, кыс ортото сибэкки тутар эбии кэнсиэргэ арыалланан барарбыт туох куһаҕаннаах буолуой?

Сэтинньи 27 күнүгэр, Арассыыйа ийэлэрин күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар «Муза» диэн кэнсиэргэ дьон саалаҕа толору олорон көрдүбүт.
Сөбүлүүр ырыаһыттарбыт Анастасия Готовцева, Саргылана Бугулова, Сахая, Ника ырыаларын көрөөччүлэригэр бэлэхтээннэр, саалаҕа олорооччулар ырыа араас калоритыгар киирэн хааллыбыт. Бырайыак бырайыак курдук, туох эрэ «ноолоох» буолуо диэн сэрэйиллэрэ. Бастакы түһүмэххэ, өрүү буоларыныы, музаларбыт биирдиилээн ырыаларын толордулар.


Бырагыраамабыт иккис түһүмэҕэр ырыаһыттарбыт өрүү ыллыыр «коронка» буолбут ырыаларын аны хардары атастаһан толорууларын кулгаах атыҥырыы иһиттэ, мэйии сонурҕаата. Ол курдук Саргылаана Бугулова Ника “Үрүҥ түүнүн”, Сахая “Дьикти сайынын” Анастасия  Готовцева уо д а. толордулар.


Бырыйыакпыт үһүс түһүмэҕэр аны ырыаһыттарбыт дуэтынан тахсыылара эмиэ сонуннук көһүннэ. Елизарова кэриэһигэр “Эйиигин булуом» ырыатын Кирилл Матвеевтыын Сахая толордулар, Саргылаана Бугулова Николай Роббектыын “Felicita», Анастасия Готовцева Дмитрий Келлердиин “Besame”, Ника “The best “. Сахабыт артыыстара омуктуу араас кэмҥэ биһирэммит айымньылары олус ыраастык ыллаан, омук толорооччуларыттан туох да атына суох толорон көрөөччүлэрин сөхтөрдүлэр даҕаны, үөртүлэр даҕаны. Кэнсиэри көрөөччүлэр эдэр өттө тэҥҥэ ыллаһа, туран үҥкүүлэһэн ылла.

Түмүгэр, бырайыакпыт төрдүс түһүмэҕэр ыытааччы Георгий Белоусов: «Артыыстары көрөөччүлэр өрүү үөрэ-көтө, ыллыы-туойа эрэ сылдьар, туох да кыһалҕата суох дьон курдук сыаналыыргыт буолуо. Дьэ, онон бу түөрт Муза туохтан хараасталларын ырыанан тиэрдиэхтэрэ», — диэтэ. Саалаҕа олорооччулар чуумпура түстүбүт. Михаил Тимофеев тылларыгар Герман Комраков муусукатыгар «Туруйалар» ырыаны Саргылаана Бугулова сэрии ыар тыына барыбытын долгутарын, Сахая Анатолий Доровских суруйуутугар уонна муусукатыгар «Молитва» ийэлии айманан туран толоруулара буола турар балаһыанньаны санатан, хомотон ыллылар. Ол эрэн, бу бырайыак олус табыллан таҥыллыбыт, элбэх сүүрүү-көтүү, кытаанах бэлэмнэнии, күүстээх санаа ууруллубута көстөр. Онно артыыстарбыт талааннара эбиллэн, икки чаас иһигэр көрөөччүтүн үөрдэн, үҥкүүлэтэн, ол быыһыгар санньыарда охсон, түмүгэр эмиэ үөрдэн, эҕэрдэнэн түмүктээн, дьэ, кырдьык ускуустуба чыпчаалын биир көрүҥүн биллэрдилэр.
Георгий Белоусов, Николай Роббек сахалыы- нууччалыы кэтэмэҕэйдээбэккэ кэпсээн, кутан-симэн уолаттарбыт кэнсиэри ситимнээн, саҕалаабыттарын курдук тэтимнээхтик түмүктээн кэбистилэр.

Онон, бырайыак бары кыттааччыларыгар улахан махтал. Үчүгэйи үлүннэрэн иһин, үөрүүнү үөтэ сылдьын. Талааҥҥыт тардыллыбакка тахса турдун!

Елизавета ПОПОВА-Бааттаах Кырата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

4 минуты ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

15 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago