Музей нэдиэлэтэ саҕаланна

Share

Аан дойдутааҕы музей күнүн көрсө, Саха сиригэр музей нэдиэлэ саҕаланна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык нэдиэлэ аан бастаан ыытыллар. Бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 15 күнүттэн саҕаланан, ыам ыйын 21 күнүгэр диэри араас хабааннаах тэрээһиннэр былааннаналлар.

Сыала-соруга — Саха сирин түмэллэрин үлэлэрин-хамнастарын киэҥник сырдатыы, оҕолору уонна ыччаттары музейга ыҥырыы, угуйуу, интэриэстэрин үрдэтии.

Онон бу күннэргэ туорх тэрээһиннэр күүтэллэр эбитий:

— трек «Искусство» — СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын түмэлигэр;

— трек «Краеведение» — Ем.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах Саха судаарыстыбаннай түмэлэ; «Доҕордоһуу» Өлүөнэтээҕи устуоруйа-архитектура музей-заповеднига, Өлөөннөөҕү хотугу норуоттар историко-этнографическай түмэлэ;

— трек «История» — «Арассыыйа — мин устуоруйам» музей комплекса;

— трек «Литература» —  П.А.Ойуунускай аатынан литература судаарыстыбаннай түмэлэ;

— трек «Музыка» — Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ уонна Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлэ.

Хас биирдии тэрээһин иитинэн түмэллэргэ быыстапкалар, экскурсиялар, лиэксийэлэр, маастар-кылаастар, квест-оонньуулар, о.д.а. былааннаналлар.

Ыам ыйын 18 күнүгэр — Аан дойдутааҕы музейдар күннэригэр күүтүүлээх, долгутуулаах тэрээһин буолуоҕа. Манна 2022 сылга музейдарга үлэ түмүгүнэн, Ил Дархан Айсен Николаев профессор, меценат Михаил Габышев аатынан бириэмийэни туттарыаҕа. Маны сэргэ, эмиэ ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүнэн, тыа сирин бастыҥ, таһаарыылаах үлэлээх түмэллэригэр уонна тыа сирин түмэллэрин бастыҥ үлэһиттэригэр сэртипикээттэр туттарыллыахтара.

Ыам ыйын 20 күнүгэр ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Ночь музеев» аахсыйа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар ананар. Бу тэрээһиҥҥэ түмэллэргэ дьоруойдар, уһуйааччылар, кэллиэксийэньиэрдэр тустарынан, ону сэргэ, уус-уран айымньылар, наукаҕа арыйыылар, араас түбэлтэлэр тустарынан билиһиннэриэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, сыл ахсын ыам ыйын 18 күнүгэр Аан дойдутааҕы музейдар күннэрэ бэлиэтэнэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago