Музыка дойдутугар айан

Share

«Музыка барыбытыгар» бырайыагынан Уус Алдан улууһугар үлэ тиһиктээхтик салҕанар.

Улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр  «Музыка дойдутугар айан» диэн тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытыллыбыт. Оҕо ааҕар киинин сэбиэдиссэйэ Вера Алексеевна Портнягина кэпсиир:

«Уруок СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев 85 сааһын көрсө «Музыка барыбытыгар» диэн бырайыак иитинэн ыытылынна. Тэрийээччилэр улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин , Бороҕоннооҕу музыка уонна искусство оскуолатын кэлэктииптэрэ. Наталья Николаевна Портнягина салайааччылаах Мүрү 1 №-дээх оскуолатын 2 «Б» кылааһын үөрэнээччилэрэ ыалдьыттаатылар. Оҕолор музыка туһунан, урут үстүрүмүөннэри хайдах, туохтан оҥороллорун, ханнык үстүрүмүөннэр баалларын, музыканы ким суруйарын, о.д.а. сэҥээрэн, сэргээн иһиттилэр. Музыка историятын туһунан  музыка теориятын учуутала Инна Владимировна Ильина кэпсээтэ. Итиннэ сыһыары тутан, фортепиано кылааһын учуутала Вероника Дмитриевна Никитина, домраҕа уонна гитараҕа үөрэтэр Лена Игоревна Яковлева үстүрүмүөннэргэ оонньоон иһитиннэрдилэр. Кинигэ быыстапката болҕомтону тарта. Оҕолор кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Бары музыка оскуолатыгар киирэн үөрэниэх баҕалара улаатта, «эһиил хайаан да киириэхпит» дэстилэр. Түмүккэ, бука бары ырыа ыллаан доргуттулар.

Манна даҕатан эттэхпинэ, маннык тэрээһиннэр билиини-көрүүнү хаҥаталлар, олус туһалаахтар. Онон уруоктарбытын бу курдук тиһиктээхтик салҕаан иһиэхпит«, — диэн сырдатта Вера Портнягина.

Хаартыскалар уонна видео оҕо бибилэтиэкэтин тиксэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

11 часов ago