Музыкальнай дьиэ кэргэн Корякиннар
02.12.2024, 12:56
Хаартыска: Александра Дьяконова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:
“Муусука барыбытыгар” бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга “Музыкальнай дьиэ кэргэн-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолан ааста.
Манна араас улуустан, куораттан 19 дьиэ кэргэн кэлэн күрэхтэстэ.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Гран-при үрдүк аатын Дириҥтэн (Чурапчы) сылдьар Валерий Егорович, Наталья Николаевна Корякиннар, уолаттара Алексей, Станислав, кыра кыыстара Валерия ыллылар.
Айар куттаах Корякиннары «Мир музыки» маҕаһыынтан музыкальнай инструмент ылалларыгар 50 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадалаатылар.
Аҕа баһылык Валерий Корякиҥҥа оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ кыайыыларынан эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөтүн, харчы бириэмийэ туттардылар.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: