Мүөттээх ыҥырыаны иитии сатабыла
Нам Хатырыгар олорор Сэмэн Попов биһиги олохпут укулаатыгар балачча киирэн эрэр дьарыгынан – мүөттүүр ыҥырыаны иитиитинэн дьарыктанар.
2016 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсан баран, бу дьарыгы булан ылбыт. Билигин хайыы-үйэ сүүстэн тахса уйалаах, 5х6 иэннээх сип-панелынан кыстыыр бүтэй дьиэлэрин тутан биэрбит.
— Саха сирин кыһына аһара уһун буолан, дэлби эстэн сааскыга тиийэллэр, — диир Сэмэн Иванович. – Онон ыам ыйын быһа кинилэри бүөбэйдээн тахсаҕын. Сайын биир пасекаттан 20 киилэни аа-дьуо ылыахха сөп, дьон хамаҕатык атыылаһар. Бөһүөлэктэн 3 км ыраах туруорабын, от ыйыгар кучу үүннэҕинэ, уонча км ыраах сиргэ илдьэбин. Онно от ыйын иккис аҥаарыгар нэдиэлэ, уон күн устатыгар хаалларыахха сөп. Ол быыһыгар ый хайа күнүттэн, ыҥырыалар туруктарыттан көрөн күн да аайы сылдьыаххын сөп.
Биһиги мүөттээх ыҥырыаларбыт бары уһук илиҥҥилэр, бэс ыйын саҥатыгар, ыам ыйын бүтүүтэ аҕалан уйанан атыылыыллар. Биир пчелопакет алта “маамалаах”, саҥа сайдан эрэр буолар. Сыаната уонтан тахса тыһыынча.
Сэмэн Ивановичтан ыҥырыаны кыһынын хайдах кыстатарын ыйытабын.
-Электрическэй уотунан сылытан кыстатабын. Алтынньы бүтүүтэ дьиэлэригэр киллэрэн, үс пуолканан үрүт үрдүлэригэр олордон кэбиһэбин. Утуйбаттар да, көппөттөр да, олороллор. Кыһын аһыылларыгар диэн сайыны быһа мунньубут мүөттэрин аҥаардаһабыт. Саха сирин кыһына уһуна бэрт буолан, битэмииннээх наһаа үчүгэй аһы аһаан кулун тутар диэки истэрэ хайа барыан сөп. Ол иһин саахардаах сиробунан аһатабын. Саахар минеральнай састааба, битэмиинэ суох көҥдөй ас буоллаҕа, инньэ гынан кинилэргэ чэпчэки аһылык курдук буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: