Бу орто дойдуга туох барыта төрүүр-ууһуур, сайдар уонна кэхтэр аналлаах. Үүнээйи уонна бары тыынар тыыннаах. Айылҕа биир сүдү көстүүтэ – киһи онтон туора турбат. Кини сааһырдаҕын аайы бары уорганнара, этэ-сиинэ, өйө-санаата, кыаҕа мөлтүүрэ, араас ыарыыларга ылларыыта, тиһэҕэр олохтон туорааһына – түөрэ барыта айылҕа сокуона.
Харамайдартан атына киһи өйдөөх буолан, олох сокуоннарын сөпкө өйдөөн уонна сөптөөх сыһыаннаах буоллаҕына үйэтэ уһуурун анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Киһи наар үчүгэй өттүн тутуһан, барыны бары сылыктаан, билэн, ону барытын өйдөөн-дьүүллээн сырыттаҕына, кырдьар да сааһыгар сайдыы суолун тутуһара кэлиҥҥи кэмҥэ элбээтэ. Ол дьон “кырдьар саас дьоллооххо бэриллэр” диэн этэринии, олоххо сыһыан тутуһуллар. Онтон наар кыаллыбат өрүттэргэ болҕомтотун ууран, санаа-оноо баттаан, табыллыбатах олохтонон айгырааһын өттүгэр түбэспиттэр аҕыйаҕа суохтар. Оччоҕуна “кырдьар – кырыыс” аатырар. Киэҥ Арассыыйабытыгар доруобай дьон ахсаанынан аан дойдуга 127-с (кэлин 118-с буоллубут диэн отчуоттуубут) миэстэҕэ сылдьарбыт элбэҕи этэр.
Ол да иһин, дойдубут баһылыга Владимир Путин кырдьыы боппуруоһугар болҕомтотун уурар. Киһи орто сааһын 2024 сылга 78 сааска тиэрдэри этэр. 2018 сылга орто сааспыт Арассыыйаҕа – 72,4, Саха сиригэр 71 сылга тэҥнэспит. Киһи үйэтэ уһуура, дьоллоохтук олоруута бэйэбититтэн тутулуктанарын сөпкө өйдөөн, “Демография” национальнай бырайыак олоххо киирэн, үлэ барар. Ил Дархан Айсен Николаев сөптөөх дьаһалы ылан, 10 сыллаах Доруобуйа сылларын биллэрбитэ. Анал мэдиссиинэ кииннэрэ аһылланнар, дьон доруобуйата тупсарыгар үлэ барар. Доруобуйа – хас биирдии киһи тус баайа. Ол эт-хаан өттүнэн эрэ тупсарыы буолбатах, бастатан туран, кини өйө-санаата, мэйиитин үлэтэ тупсара уонна атын дьоннуун, айылҕалыын сөптөөх сыһыана буоларын быһаараллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ түөһэйии (деменция), Альцгеймер, Паркинсон ыарыылара үксүүрүн көрө-билэ сылдьабыт. Түөһэйии, араак ыарыы инники тахсыбытын этэллэр. Ол иһин, ити боппуруостар болҕомто киинигэр тураллара — олохпут биир ирдэбилэ.
Саха сиригэр 3-с көлүөнэ оскуолалара тэриллибиттэрэ балайда буолла. Тыа сиригэр эбээлэр-эһээлэр оскуолалара, доруобуйа түмсүүлэрэ таһымнаахтык үлэлииллэр. Ити үлэ бастакы көрүҥнэрин Саха сиригэр социальнай кыһалҕа миниистиринэн үлэлээбит кэмнэригэр бастаан киллэрбит киһинэн билиҥҥи СӨ ытык сүбэтин салайар Люлия Николаевна Григорьева буолар. “Эрчим” диэн ааттаах аҕа көлүөнэ дьон түмсэр сирдэригэр кэлин бу үлэни иилээбит-саҕалаабыт киһинэн Тамара Прокопьевна Аргунова буолар.
Ол гынан, ити хамсааһын үгүс өттүгэр “тэрээһин”, “көрдөрүү”, “ырыа-тойук”, “үҥкүү-битии”, “эти-сиини хамсатыы” таһымнарыгар баралларын дьон бэлиэтээччилэр. “Ханнык баҕарар үлэ туох эрэ идеологиялаах, тирэнэр үөрэхтээх буоллаҕына ордук”, — диэн санаанан салайтаран уонна Люлия Николаевна мин ыалы кытары үлэлиирбин билэр буолан, “биһигини кытары үлэлэс” диэн эппитин ылынан, пандемия иннинэ, 2019 сыллаахха толкуйдаан “Мындыр саас” диэн ааттаан бырайыак оҥорон, үлэбитин саҕалаан испиппит. Тирэх өйдөбүлүнэн кырдьыы култууратын ыйбыппыт. Хомойуох иһин, ковид-19 өрө туран аҕыйах тэрээһин кэннэ Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар онлайн-ньыманан барбахтаспыта.
“Мындыр саас” диэн ааты бырайыак кыттыылаахтара “сиппит саас”, “аҕа көлүөнэ” диэн өйдөбүллэри кытары ситимнээн бэйэлэрэ ааттаабыттара. Дьиэ кэргэн педагогикатынан сирдэттэхпинэ, “Төрөппүттэр төрөппүттэрэ” (“Родители родителей”) араҥа саҕаланыытыгар сибээһи тутуһар уопсастыбаннай күүстэр — “Ытык сүбэ” (Григорьева Л.Н.), норуот педагогикатын ассоциацията (Кондаков И.И.), кырдьаҕастарга ананар киин (Татаринова О.В., Антонова М.Н.), Октябрьскай уокурук (Петрова В.И.)¸03-ааҕар киин (Новгородова К.А.), “Забота-Арчы” хаһыаттан Л.Н.Асекритова, “Тэтим” Саха араадьыйаттан В.Д.Петрова, “Мин – Эйгэбин” педагогика мастарыскыайыттан Л.С.Аргунова.
Дойду үрдүнэн билигин эдэримсийии: ыйааһыны түһэрии, биили синньэтии, сирэй мыччыстыытын, уоһу көннөрүү, уо.д.а. саҥалыы тылынан ааттанар араас көрүҥнэр өрө тутуллаллар. Онно бүтүн индустрия үлэлээн, үгүс үп кутуллар. Ол туһунан 2016 с. Москваҕа ыытыллыбыт анал кэмпириэнсийэҕэ сылдьан кэлбит суруйааччы Гавриил Иннокентьевич Адамов кэпсииринэн, бу мунньахха кырдьаҕас дьону кэлин тиһэх дьэ уопсастыбаҕа олус туһалаах, сыаналаах ресурс буолалларын бэлиэтээбиттэр. Ол эбэтэр кинилэри өйдөрүн-санааларын туппут, олоҕу сыаналаабыт, ырытан түмүк оҥорбут, олоҕу хайдах тупсарыахха сөбүн туһунан чопчу өйдөбүллээх, билии-көрүү төрүтүн илдьэ сылдьааччылар быһыытынан сыаналаабыттар. Ол гынан, олоххо кырдьаҕас дьону туоратыы, кинилэр санааларын аахсыбат буолуу, оннооҕор, мэһэй курдук көрүү суох буолбатах, баар суол…
Мэйии институтун салайар биллиилээх учуонай Наталья Бехтерева киһи мэйиитэ кини олоҕун былаһын тухары сайдарын бэлиэтиир. Оттон үөһээ ааттаммыт Москватааҕы кэмпириэнсийэҕэ Джанет Хайвли диэн мэдиссиинэ дуоктара киһи мэйиитин үлэтэ уларыйан, үтүө да, мөкү да өттүгэр иэҕиллиэн сөбүн ыйар. Хайа өртүгэр уларыйара киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕын уонна киһи бэйэтэ эппиэтинэстээҕин этэр. Оччоҕуна кини “эргэрбит” билиилэрин-көрүүлэрин хаалларан, саҥаттан саҥа информацияны баһылыыра кини интеллегин үрдэтэн, кырдьыыны бытаардарын этэр.
Оттон бу Куйаар ситимигэр кэнники кэмҥэ доруобуйа, өйү-санааны сайыннарыы туһунан бэрт элбэх этиини оҥорбут мэдиссиинэ дуоктара, үрдүк юрист үөрэхтээх, ЮНЕСКО киһи быраабын көмүскүүр салаатын эспиэрэ, биоэтика диэн дьиҥ-чахчы сэдэх идэлээх Алтынай Карасаева үөрэтиилэрин онлайн истэммит, кинини кытары сибээскэ киирэн, олох, доруобуйа, сайдыы саҥа билиилэрин дьоҥҥо иһитиннэрэн уонна бииргэ үлэлэһэр дьоммут этиилэрин, билиилэрин тарҕатар сыалтан бу бырайыакпытын салгыыбыт. Тэрээһин боппуруостара элбэхтэр. Олортон, бастатан туран, сыаналыыр, салайар, хайысхалыыр эспэртиисэни ааһан, лицензия ылыыта биһиги үлэбитин сөптөөх суолга хайыһыннарыахтара. Өр кэмтэн үлэлэспит “Саха сирэ” хаһыаппытыгар кэмиттэн кэмигэр матырыйаал (анал рубриканан) таһааран, анал үөрэхтээх дьону көмөлөһүннэрэн, бырайыакпыт үгүс дьоҥҥо тиийиитэ – бастакы сорук.
Любовь Семеновна АРГУНОВА, дьиэ кэргэн педагога, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ытык сүбэ” чилиэнэ
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…