Мытаахха «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» тэрээһин болҕомтону тардар

Share

Горнай улууһугар Мытаах музей-галереята «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» диэн тэрээһини бастакытын 2021 сыллаахха тэрийбитэ. 

Дьон-сэргэ улаханнык биһирээбитэ. Онно түөрт биэни ыабыттара. Бу сэҥээриини ылбыт тэрээһин пандемия кэмигэр тохтообута.

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан иккис төгүлүн тэрилиннэ уонна алта биэни ыырга сорук туруорулунна. Бэҕэһээ, от ыйын 7 күнүгэр, бастакы күммүт бэрт үөрүүлээх саҕаланна. От ыйын 14 күнүгэр диэри буолар тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан, Бэрдьигэстээхтэн, Мытаахтан элбэх киһи оҕолорун, сиэннэрин кытта кэллилэр. Бу кэнчээри ыччакка өбүгэ үгэһин билиһиннэрэр, үөрэтэр сыаллаах-соруктаах тэрээһин буолан, дьиэ кэргэнинэн сэргээн, сэҥээрэн кэлэн кытталлара кэрэхсэбиллээх. Кымысчыт Серафим Григорьев кымыһын, биэтин үүтүн тото-хана, астына истилэр. Кымыс, үүт атыыластылар, ыабыт үүттэрин илдьэ бардылар.

Мытаахха туризм күүскэ сайдар, онно бу тэрээһиммит эмиэ сыһыаннаах. Нэһилиэкпитигэр кэлбит ыалдьыттар народнай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар литературнай музейдарын уонна академик Афанасий Осипов хартыыналарын галереятын көрөллөр. Олорбут үөрэммит, ураты тыыннаах Бор алааһыгар сылдьаллар.

Артур Егоров, «Мытаах музей-галереята» МБТ дириэктэрэ

Хаартыскаларга Артур Егоров түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago