Салгыы
«МЫВМЕСТЕ» аахсыйа ыыра кэҥиир

«МЫВМЕСТЕ» аахсыйа ыыра кэҥиир

Ааптар:
14.10.2022, 09:40
Бөлөххө киир:

«МЫВМЕСТЕ» эрэгийиэннээҕи ыстаап салайааччыта Айыллаан Винокуров доброволецтар быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоҥҥо уонна дьиэ кэргэннэригэр хайдах-туох көмөлөһөн эрэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. 

«МЫВМЕСТЕ  ыстаап волонтердара быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга уонна дьиэ кэргэннэригэр биирдиилээн дьон көмөлөһөллөрүн туһунан сайаапкалыылларын хомуйа сылдьаллар. 122 диэн быһа нүөмэргэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан эрийэн ыйыталаһаллар уонна араас хабааннаах көмөнү оҥороллорун туһунан иһитиннэрэллэр. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан быстах хомуурга барбыт киһи дьиэ кэргэнигэр сүөһүнү атын сиргэ илдьэргэ көмөнү оҥорууга сайаапка киирбитэ. Үксүн бородууктаны, эми-тому атыылаһыыга, оҕолору илдьиигэ тырааныспарынан көмөлөһөргө, уо.да.а. сайаапкалар киирэллэр. МЫВМЕСТЕ  аахсыйа анал ыстааба бары улуустарга тэрилиннэ. Бу тэрээһиҥҥэ 200 кэриҥэ доброволец кыттарга бэлэбин иһитиннэрдэ. Көмөҕө наадыйааччылар волонтердары кытта быһаччы кэпсэтэр инниттэн 122 нүөмэргэ эрийэн баран, 6 диэн кунуопканы баттыахтарын наада», — диэн Айыллаан Винокуров кэпсээтэ.

Быстах хомуурга барбыттарга көмөнү Дьокуускай куорат  Орджоникидзе уулусса 10-гар (Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүнэн) сарсыарда 10 чаастан 18-ка диэри аҕалан туттарыаххытын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: