Салгыы
Нам улууһугар арыгы атыыта тохтотулунна

Нам улууһугар арыгы атыыта тохтотулунна

Ааптар:
20.05.2024, 11:19
Хаартыска: «Эҥсиэли» хаһыат
Бөлөххө киир:

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов бүгүн, ыам ыйын 20 күнүгэр, 1200 №-дээх «О запрете розничной продажи алкогольной продукции на период действия режима «Чрезвычайной ситуации» дьаһалга илии баттаата.

Ол курдук, Нам улууһун территориятыгар халаан уута ааһар кэмигэр биллэриллибит «Ыксаллаах быһыы» эрэсиимэ уһуллуор диэри итирдэр утахтары атыылааһын уонна арыгыны иһии бобуллар.

Хаартыска: «Эҥсиэли» хаһыат

«Итирдэр утахтар бородууксуйаларын атыылыыр маҕаһыыннар салайааччылара, урбаанньыттар бу дьаһалы тутуһаллара ирдэнэр», – диэн Нам улууһун дьаһалтата суруйар.
Бу кэмҥэ ИДьМ сулууспатын Нам улууһун отделыгар (начаалынньык М.М. Кокарев) арыгы атыыта таһаарыллыбатын туһугар сэрэтэр үлэни ыытарыгар мэктиэлэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: