Наркоманнары реабилитациялыыр «Алмаас» киин дойду таһымыгар бэлиэтэннэ

Наркоманнары реабилитациялыыр «Алмаас» киин дойду таһымыгар бэлиэтэннэ

12.09.2024, 17:38
Хаартыска -- Тамара Егорова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 10-13 күннэригэр Краснодарскай кыраайга Сочи куоракка Арассыыйа эрэгийиэннэрин социальнай үлэһиттэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэхтэригэр Саха сириттэн социальнай хайысхалаах үлэни ыытар тэрилтэлэр ситиһиилээхтик кытыннылар.

Онон бу күннэргэ үлэлэрин түмүгүнэн бастыҥнарынан аатырбыт социальнай тэрилтэлэр истэригэр аата дорҕоонноохтук ааттаммыт «Алмаас» реабилитационнай киин  психолога Тамара Егорова санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Стационарнай тэрилтэ волонтердары уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта биир тиһиктээх үлэни ыытарын иһин С.М. Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии  киинэ (салайааччы  Егор Дашевскай) 1-кы миэстэни ылла. 

Оттон  Сүлүһүннээх дьайга (наркотикка) ылларбыт дьону кытта үлэлиир “Алмаас” тэрилтэ (салайааччы Серафим Иванов) наркоманиянан ыалдьыбыт дьону реабилитациялааһыҥҥа  үлэ бастыҥ уопутун иһин 3-с миэстэ буолла.

Киһи дууһатын аймыыр, уйулҕатын кэһэр наркомания ыарыы буолар наркотигы боруобалаатыҥ да, тута ыллараҕын. Бу ыарыы эмтэммэт ыарыыларга киирсэр, ол туһунан араас научнай литературалар, документальнай киинэлэр таҕыстылар. Билигин наркотик араас көрүҥэ дэлэйэ турар.  Бу хара дьай  «миигин уонна  чугас  дьоммун  тумнуо» дии саныыр дьону эмиэ аһыммат. Биллэрин курдук,  биир наркоман ыччакка сабыдыала, тарҕатыыта, сутуйуута элбэх дьиэ кэргэни аймыыр, ыар дьылҕалыыр. Улуу бөлүһүөк Өксөкүүлээх Өлөксөй бэргэнник эппитинии, бу ыарыы «кэнчээригэ тиийэ кэдирги кэскиллиир, төрүөххэ тиийэ түҥкэтэх төлкөлүүр, ыччакка тиийэ ыарыһах ыйаахтыыр». Саха сиригэр наркоманнары кытта «Алмаас» реабилитационнай киин үлэлэһэр. Бу тэрилтэҕэ наркоманнаан, арыгылаан  ускул-тэскил олохтоммут дьону кытта анаан сыралаһан үлэлэһэн «бэттэх»  аҕалаллар. Хара дьайга — наркотикка ыллаттарбыт киһиэхэ психосоциальнай өҥө нөҥүө  чөлүгэр түһэрии ыытыллар, ол эбэтэр аһаҕастык кэпсэтии, ыарыыны  билинэ  үөрэнии, 12 хардыы ньыматын туттуу буолар. Бу ыарыылары ылан кэбиһэр эмп суох, ол иһин өйүн-санаатын кытта үлэлэһэн наркотик (ПАВ) киһиэхэ дьайыыларын быһааран туран, ол тутулуктааһынтан (зависимость) тахсарга сүрүн үлэ туһаайылаллар. Манна үлэҕэ үөрэтэллэр, умнуллубут идэлэрин тилиннэрэллэр.  Ол чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын коммунатыгар салгыҥҥа сырытыннаран, сиргэ сыһыаран, оттоон-мастаан, «чахчы да мин айылҕа оҕотобун» диир турукка киллэрэллэр. «АЛМААС» үлэтэ бэрт түмүктэрдээх буолла — наркотик хара дьай ыарыытыгар ылларбыт дьон ама буолан, өйдүүн-санаалыын сырдаан, тиллэн, дьиэ кэргэннэригэр төннөллөр, үлэҕэ киириллэр, үөрэхтэнэн идэ ыллылар. Онон киин сүрүн сыалын-соругун чөл олоххо туһулуур, уустук дьылҕалаах дьону дьоллоох көнө олоххо төнүннэрэр. 

Үс куккут толору буоллун: Ийэ куккут илгэлэнэн, ыччаты  тэнитиҥ, Салгын куккут сайдан идэлэниҥ, үлэлэниҥ, Буор куккут бөҕө буолан,  туйгун туруктаныҥ!

+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: