Салгыы
Национальнай архитектураны сөргүтүү уустук үлэ

Национальнай архитектураны сөргүтүү уустук үлэ

31.08.2024, 13:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Национальнай уус-уран түмэлин генеральнай дириэктэрэ, искусствовед Влада Тимофеева киин куоракка Ленин аатынан болуоссаты саҥардыы туһунан санаатын үллэһиннэ.

-Ленин болуоссатын оҥоруу, тупсарыы үлэтигэр национальнай архитектураны сөргүтүү уустук соруктары ирдиир. Бу духуобунай сыаннастары кытта ыкса ситимнээх. Бүгүн Дьокуускай олохтоохторо архитектордар, худуоһунньуктар айар үлэлэрин, дириҥ толкуйдарын Ленин болуоссатын реновациятыгар көрөллөр. Кинилэргэ улахан сорук турбута, ол курдук саха норуотун историческай, култуурунай уратытын уонна куораппыт аныгылыы көстүүтүн барытын түмэр сорук турбута.

Ленин болуоссата — саха дьонугар-сэргэтигэр култуурунай-маассабай өттүнэн сынньаналларыгар, үгүс тэрээһиннэргэ сылдьалларыгар түмэр сүрүн сиринэн буолар. Ол курдук, кураанах фонтан идиэйэтэ киирбитэ. Ол эрээри, сорох идиэйэ тулалыыр тутууларын кытта туспа кыһалҕалары үөскэппитэ. Холобур, Национальнай уус-уран ьүмэл дьиэтэ эмиэ болуоссат көстүүтүгэр элегантнай, графическай ураты көстүүтүнэн дьайар. Саҥа болуоссат куораппыт биир сүрүн мааны көстүүлээх сиринэн буолуоҕа диэн эрэнэбит. Манна айанньыттар, ыалдьыттар кэлэн хаартыскаҕа үйэтитэр буолуохтара, — диэн Национальнай уус-уран түмэлин генеральнай дириэктэрэ, искусствовед Влада Тимофеева санаатын үллэһиннэ.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: