Салгыы
Национальнай бырайыагынан өссө икки Култуура дьиэтэ тутуллар

Национальнай бырайыагынан өссө икки Култуура дьиэтэ тутуллар

Ааптар:
08.01.2025, 15:14
Бөлөххө киир:

Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Култуура»  национальнай бырайыагынан  Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр  Култуура дьиэтэ уонна Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр   Култуура сайдыытын киинэ тутулла турар.  Туһааннаах эбийиэктэр быйыл үлэҕэ киириэхтээхтэр. 

«Култуура»  нацбырайыак үлэлиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ 7 Култуура дьиэтэ, ол иһигэр   Горнай улууһун Дьиикимдэтигэр,  Уус Алдан Сыырдааҕар,   Бүлүү Тааһаҕарыгар уонна  Тыымпытыгар, Нам  Аппаанытыгар, Сунтаар Кэмпэндээйитигэр, Чурапчы Толоонугар тутулунна.

Маны таһынан  «Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааманан  2024 сылга Амма Михайловкатыгар уонна Алтаныгар Култуура дьиэлэрэ тутуллубуттара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционной бырагыраама суотугар Эдьигээҥҥэ «Дюмия»  этнокултуурунай киин үлэҕэ киллэриллибитэ.

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын иитинэн Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр Култуура дьиэтэ,  Үөһээ Бүлүү Намыгар Норуот айымньытын дьиэтэ, Сунтаар сэлиэнньэтигэр култуурунай-спортивнай комплекс, Чурапчыга  библиотека-архыып тутуллубуттара.

«Култуура» нацбырайыагынан ааспыт сылга өссө   Чурапчытааҕы устуоруйа уонна  этнография түмэлигэр,  Нерюнгри Беркакитыгар «Дружба» култуура дьиэтигэр,   Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕар «Калина» сынньалаҥ киинигэр,  Алданнааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ  ыытыллыбыта.

Онон, култуура салаатыгар мантан да атын киэҥ хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 января
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: