Национальнай бырайыагынан Тыымпыга култуура киинэ тутулунна
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Култуура» национальнай бырайыагынан, Бүлүү улууһугар Тыымпыга элбэх хайысхалаах култуура киинэ үлэҕэ киириэ.
Уопсайа 836,93 кв.м. иэннээх тутуу 2022 сыллаахха кулун тутартан саҕаламмыт, бу ахсынньыга түмүктэннэ. Үбүлээһин кээмэйэ 160 мөл. солк.
Биир мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ 150 киһи олорор саалалаах, үҥкүүлүүр саала, тэрилинэн хааччыллыбат гримнэнэр хостор, миэбэл баар. Манна Иннокентий Афанасьевич Боронов бюһун туруоруохтара. Маны сэргэ, бибилэтиэкэ киирэр.
Санатан эттэххэ, «Култуура» национальнай бырайыак 2019 сыллаахха саҕаламмыта. Бу кэм устатыгар Саха сиригэр национальнай бырайыак иитинэн 45 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киллэрилиннэ, 139 кулууп материальнай-тэхиньиичэскэй баазата тупсарылынна, 19 култуура тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 14 модельнай бибилэтиэкэ тэрилиннэ, оҕо ускуустубатын 18 оскуолата үстүрүмүөнүнэн хааччылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: