Национальнай бырайыак отчуотунан буолбакка, дьиҥ олох хайдах уларыйбытынан сыаналаныаҕа
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактарга Сэбиэт мунньаҕар кытынна.
— Владимир Владимирович Путин тыл этиитигэр дьиэ кэргэн, оҕолор, олох уйгутун, үлэ, дохуот туһунан санаатын эттэ. Судаарыстыба баһылыга бары национальнай бырайыактар отчуотунан буолбакка, дьон олоҕо куораттарга, сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ хайдах уларыйбытынан сыаналаныахтаах диэн бэлиэтээтэ.
Сүрүн болҕомтону төрөөһүҥҥэ уонна үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ туһуланна. Элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн судаарыстыба тумус тутуллар соругун быһыытынан бигэргэннэ. Ол аата эрэгийиэннээҕи миэрэлэри сэргэ федеральнай быһаарыылар күүһүрүөхтэрэ.
Дьиэ кэргэн үгэһэ өрө тутуллар Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал элбэх. Онон маннык сыһыан социальнай бэлиитикэҕэ уһун болдьохтоох соругунан буолар.
Мантан экэниэмикэ сайдыыта тутулуктаах. Саҥа бырамыысыланнай эбийиэктэри саҥардыыга болҕомто туһаайылынна. Искусственнай өйү, сыыппара сервиһин уонна экэниэмикэ саҥа салааларын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Иһитиннэрэр технологияларга инники күөҥҥэ иһэр Саха сиригэр бу улахан суолталаах. Ол аата ыччаппыт, исписэлиистэр уонна урбаанньыттар дьиэлэригэр даҕаны олорон уонна дойду ханнык баҕарар муннугуттан үлэлиир уонна сайдар кыахтаныахтара, — диэн Ил Дархан МАКС сыһыарыыга ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: