Национальнай бырайыак отчуотунан буолбакка, дьиҥ олох хайдах уларыйбытынан сыаналаныаҕа

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактарга  Сэбиэт мунньаҕар кытынна.

— Владимир Владимирович Путин тыл этиитигэр дьиэ кэргэн, оҕолор, олох уйгутун, үлэ, дохуот туһунан санаатын эттэ. Судаарыстыба баһылыга бары национальнай бырайыактар отчуотунан буолбакка, дьон олоҕо куораттарга, сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ хайдах уларыйбытынан сыаналаныахтаах диэн бэлиэтээтэ.

Сүрүн болҕомтону төрөөһүҥҥэ уонна үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ туһуланна. Элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн судаарыстыба тумус тутуллар соругун быһыытынан бигэргэннэ. Ол аата эрэгийиэннээҕи миэрэлэри сэргэ федеральнай быһаарыылар күүһүрүөхтэрэ.

Дьиэ кэргэн үгэһэ өрө тутуллар Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал элбэх. Онон маннык сыһыан социальнай бэлиитикэҕэ уһун болдьохтоох соругунан буолар.

Мантан экэниэмикэ сайдыыта тутулуктаах. Саҥа бырамыысыланнай эбийиэктэри саҥардыыга болҕомто туһаайылынна. Искусственнай өйү, сыыппара сервиһин уонна экэниэмикэ саҥа салааларын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Иһитиннэрэр технологияларга инники күөҥҥэ иһэр Саха сиригэр бу улахан суолталаах. Ол аата ыччаппыт, исписэлиистэр уонна урбаанньыттар дьиэлэригэр даҕаны олорон уонна дойду ханнык баҕарар муннугуттан үлэлиир уонна сайдар кыахтаныахтара, — диэн Ил Дархан МАКС сыһыарыыга ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Борокуратуура орооһон, сэлиэнньэ биэлсэрдэммит

Борокуратуура орооһуутун кэннэ, Өймөкөөн улууһугар эмтиэкэҕэ эмп-том аҕалыллыбыт уонна  биэлсэр  үлэнэн хааччыллыбыт. Бу туһунан СӨ…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга сибиинньэ иитэллэр

Саха сиригэр сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанааччы кэнники сылларга аҕыйаата. Бэл, улахан хаһаайыстыбалар сабыллыбыттарын киһи соһуйа истэр.…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Массыынаттан харчыны уордулар, Toyota Probox массыынаны күрэттилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр биэс буруйу оҥоруу тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай дьыалалары…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Үлүйүүгэ быраастар сүбэлэрэ

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОСАГО полиһын төлөбүрэ сорох суоппардарга үрдүөн сөп

ОСАГО  полиһын төлөбүрэ үрдүөн сөп. Бу туһунан "Российская газета" суруйар.  Полис төлөбүрэ суол саахалыгар хаста…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөпүөн атыылаһан баран харчытын төлөөбөтөх

Дьокуускай куоракка  полиция 3 нүөмэрдээх отделыгар 100 тыһ. солкуобайдаах суотабай төлөпүөнүн  уордарбыт киһиттэн  сайабылыанньа киирбит.…

3 часа ago