Салгыы
Национальнай бырайыак саҥа саҕахтары аһар

Национальнай бырайыак саҥа саҕахтары аһар

10.08.2024, 13:45
Диспансер тупсаҕай оҥоһуулааҕа киирээти кытта биллэр. Хаартыска: онкология диспансерын архыыбыттан
Бөлөххө киир:

2019-2023 сылларга «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар киэҥ хабааннаах уларыйыылар таҕыстылар.

Ол курдук, мэдиссиинэ саҥа 63 тэрилэ искэн ыарыыларын эрдэ буларга уонна мэдиссии­нэ хаачыстыбалаах көмөтүн  элбэтэргэ быһаччы көмөлөһөр. Кэнники биэс сылга эрэги­йиэҥҥэ эминэн терапия, таргетнай уонна иммунотерапия оҥоһуллаллара  элбээтэ. Искэни эрдэ булар кыах баар буолла, ол аата, эмтээһини эрдэттэн саҕалааһын олох хаачыстыбата тупсарыгар уонна ыарыыттан өлүү аҕыйыырыгар тириэрдэр. Эпэрээссийэлиир блоктар урология, гинекология, абдоминальнай, лор эпэрээссийэлэрин оҥорорго эндовидеоскопическай тэриллэринэн сэбилэннилэр, норкуос-тыынар аппарааттар, аһаҕас уонна лапароскопическай хирургияҕа интраоперационнай датчик­таах ультразвуковой диагностика аппараата саҥардылыннылар.

Улахан эпэрээссийэлэри оҥоруулары сэргэ, онкология диспансера ыарыыны кэмигэр быһаарарга дьулуһар. Сардаҥа диагностикатын киинэ аныгы күүстээх мэдиссиинэ тэриллэринэн, магнитнай-резонанснай томограбынан, эспиэрт-кылаас­таах УЗИ диагностикатын аппараа­тынан эбилиннэ, маммографияҕа «Маммо5МТ» систиэ­мэтэ туһаныллар. Үрдүк технологиялаах саҥа тэриллэр ортолоругар лаборатория-диаг­ностика сулууспатын тэриллэрэ (диагностикаҕа робот­таах систиэмэ, аныгы анализатордар, микроскоптар уо.д.а.) баар буоллулар. Диагностика уонна суһал эндоскопия отделениета «OLYMPUS EVIS EXERA 3» фирма эспиэрт-кылаастаах видеоэндоскопическай аппаратураланна. Ону таһынан, отделениеҕа куртах-оһоҕос трагын уорганнарын патологиятыгар эндоскопия ультразвуковой чинчийиилэрэ ыытыллаллар. Реанимация анестезио­логиятын уонна интенсивнэй терапия отделениета саҥа ИВЛ аппарааттардаах уонна орон таһыгар ууруллар тэлэбиисэр­дээх.

СЫЫППАРАЛАР
Онкология киинигэр сыл аайы

14 тыһыынча кэриҥэ киһи эмтэнэр,

быраастар

3 тыһыынча кэриҥэ эпэрээссийэни оҥороллор.

Бу барыта үчүгэй түмүктэрдээх.

Сыл аайы «куттал­лаах» искэн  2800 саҥа түбэл­тэтэ (ортотунан) быһаарыллар. Ол да иһин, нэһилиэнньэ ыарыыттан харыстаныытын, ыарыыны эрдэттэн булуу уонна эмтээһин, анал хаачыс­тыбалаах көмөнү оҥоруу боппуруостара дьон доруобуйатын харыстыыр туһугар олус улахан стратегическай суолталаахтар.

Кэмпириэнсийэ бииргэ үлэлииргэ интэриэс баарын туоһулуур

Атырдьах ыйын 1-3 күннэригэр «Актуальные вопросы оказания онкологичес­кой помощи на террито­риях с малой плотностью населения» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ ыытылынна.

Арас­сыыйа онкология­ҕа федеральнай кииннэриттэн сүрүннүүр исписэлиистэр — 300-чэ кыттааччы кэллэ, географиялара эмиэ киэҥ:  Кэмпириэнсийэ үһүс төгүлүн ыытыллара уонна кыттааччылар ахсааннара элбээн иһэрэ эмчиттэр кыахтарын, билиилэрин түмэргэ интэриэстээхтэрин туоһулуур.

Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа уонна Казахстан сүрүн онкологтарын кытары көрүстэ.

«Биһиги  онкология  аан дойду таһымнаах эспиэрдэриттэн ыарыыны эрдэтээҥҥи түһүмэҕэр булар саҥа технологияларга үөрэнэрбитигэр улахан кыах баар. Биһиги эрэги­йиэммитигэр ыарыы 3 төгүл элбээбитин бэлиэтээн этэбин”, – диэн Айсен Николаев көрсүһүүгэ иһитиннэрдэ.

Ил Дархан Уһук Илиҥҥэ биир улахан Онкология киинэ Дьокуускайга аһыллыбытынан, Саха сирин олохтоохторо эрэгийиэнтэн бара сатаабакка,  хайыы үйэ үрдүк технологиялаах көмөнү ылалларын бэлиэ­тээтэ. Онуоха Арассыыйа бэрэ­сидьиэнэ Владимир Путин өйөөһүнүнэн, сөптөөх усулуобуйа уонна аныгы тиэхиньикэ­лэр,  тэриллэр бааллар, Киин үрдүк таһымнаах каадырдарынан  хааччыллыылаах.

Кэмпириэнсийэҕэ Арас­сыыйа Федерациятыгар искэн ыарыыларын утары охсуһууга судаарыстыбаннай бэлии­тикэ биир дьоһун хайысхатынан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак  уонна «Онкология ыарыыларын утары охсуһуу» эрэгийиэннээҕи бырагыраамалар дьаһалларын  олоххо киллэрии буоларын бэлиэтээтилэр. Бу бырагыраамалар нэһилиэнньэ искэн ыарыыларыттан өлүүтүн аҕыйа­тар соруктаахтар.

«Онкопоиск» онлайн-бырайыак туһата элбэх

«ОНКОПОИСКСАХА.РФ» веб-платформа искэн алта сүрүн көрүҥүн: тыҥа, быар, эмиий, колоректальнай, дьахтар киэлитин шейкатын, самах былчархайын искэннэрин   эрдэттэн буларга ананар. Маннык чинчийиигэ ким баҕалаах кыттар кыахтаах.

Бырайыакка кыттарга  саайтка киирэн бэлиэтэнэн баран, аҥкыата толоруллар. Искэн ыарыытын  сибикитин буллахтарына,  Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар сиһилии чинчийиини барарга ыҥыраллар, күнүн-дьылын, бириэмэтин киһи бэ­­йэтэ талыан сөп. Бу үлэ РФ бэрэ­сидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыс­табыла» национальнай быра­йыак «Онкология ыарыыларын утары охсуһуу» бырайыагынан ыытыллар.

Розалия Данилова, Илин Эҥэр олохтооҕо:

– Мин бу күннэргэ орто дойдуга  иккистээн төрөөбүт курдук санана сылдьабын. Улууспар диспансеризацияны ааспыт түмүктэрбин куоракка олорор эмчит эдьиийбэр ыыппыппын көрөн баран,  организммар туох эрэ уларыйыы баарын сэрэйбитэ уонна суһаллык онкология диспансерыгар көрдөрүнэрбэр сүбэлээбитэ. Оччолооҕу истэн баран, олоруом дуо, куоракка киирэ охсубутум. Дьэ, уонна бу быйыл эрэ үлэҕэ киллэриллибит өр күүтүүлээх диспансербытыгар баара-суоҕа 1-2 күн барытын быһаартаран таҕыстым. Онуоха саҥа диспансер усулуобуйатын сөрү диэн сөхтүм, эйэҕэс-сайаҕас үлэһиттэрэ кыра оҕо курдук кэбиниэттэн кэбиниэккэ сиэтэ сылдьан көрдөрдүлэр. Барахсаттарга улахан махтал!

Оттон хомойорум диэн, улууспар диспансеризация ыытан да бараннар, улахан уларыйыы тахсыбытын туһунан тугу да эппэтэхтэрэ! Итинник, ыарыы саҕаланыытын мүччү тутуохха сөп эбит. Диспансерга сылдьан баран бу уодаһын­наах ыарыыттан суох буолбут аймах билэ дьоммун, доҕотторбун санаан «кинилэр саҥа диспансеры баттаспыттара буоллар, арааһа, олохторо уһуо эбитэ буолуо…» диэн хараастан ыллым.

Хаартыскалар: онкология диспансерын архыыбыттан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: