Национальнай бырайыактар –  дьон олоҕун тупсарыыга

Share

Кэнники биэс сылга Саха сиригэр үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна успуорт эбийиэктэрин тутуу, ону тэҥэ хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү лаппа улааппыта бэлиэтэнэр. Үгүс тутуулар 2018 сыллаахха дойду үрдүнэн ылыллыбыт национальнай бырайыактары олоххо киллэрии бырагыраамаларынан ыытыллаллар.

2018 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Арассыыйа Федерацията 2024 сылга диэри сайдыытын национальнай сыалларын уонна стратегическай соруктарын туһунан» Ыйааҕа тахсыбыта.

Онно барыта үс сүрүн хайысха киирбитэ. «Киһи хапытаала» хайысхаҕа – доруобуйа харыстабыла, үөрэх, демография, култуура киирэллэр. «Олох тупсаҕай эйгэтэ» – манна куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара, олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ, экология киирбиттэрэ. Оттон «Экэниэмикэ үүнүүтэ» хайысхаҕа – билим, дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдиилээн урбаанньыттары өйөөһүн, сыыппара экэниэмикэтэ, үлэ оҥорумтуота уонна дьарыктаах буолууну өйөөһүн, аан дойдутааҕы кэпэрээссийэ уонна экспорт, магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии кэлим былаана.

Саха сирэ бүгүҥҥү күҥҥэ үөһэ ыйыллыбыт сүрүн национальнай бырайыак иһинэн киирэр 12 национальнай бырайыак чэрчитинэн 44 эрэгийиэннээҕи бырайыакка кыттар. Ол курдук «Доруобуйа харыстабылын» – аҕыс эрэгийиэннээҕи бырайыага; «Демография» – биэс эрэгийиэннээҕи бырайыак; «Үөрэхтээһин», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Экология», «Куттала суох хаачыстыбалаах суол», «Үлэ оҥорумтуота», «РФ сыыппара  экэниэмикэтэ», «Култуура», «Дьоҕус уонна орто урбаан уонна биирдиилээн урбаанньыттары өйөөһүн», «Аан дойдутааҕы кэпэрээссийэ уонна экспорт», «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» бырайыактар олоххо киирэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка оҕону түҥнэри көттүлэр

Ыам ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка, киэһэ 19 чаас саҕана, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону…

4 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин быраастара Докучаевскайга лапароскопическай эпэрээссийэлэри оҥордулар

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа территорияларынан олохтоох дьоҥҥо мэдиссиинэ көмөтүн оҥороллор. Бу…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Хатыҥ уутун сүүрдүү кэмэ кэллэ

Ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата хатыҥ уутун ылар кэм кэллэ.  Анаан дьарыктанааччыларга…

34 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Андрей Федотов: байыаннай дьайыыга үрдүк технологиялаах анал тэрили тиэрдиигэ болҕомто ууруллар

РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Саха сиринээҕи кэлим координационнай киин салайааччыта Андрей Федотов брифинг кэмигэр…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Росгвардия» Кубогар Кэбээйи боксера үһүс миэстэҕэ тигистэ

Сангаардааҕы оҕо успуорт оскуолатын выпускнига Артем Бутко Сочига ыытыллыбыт боксаҕа чөмпүйэнээтигэр боруонса призера буолла. [gallery…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин дуобаччыттара Узбекистан турнирыгар кыайдылар

Узбекистаҥҥа ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы Кубогар-64 дуобакка күрэхтэһии түмүктэннэ. Туйаара Федорова норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга үс…

1 час ago