Национальнай бырайыактар тыа сирэ сайдарыгар олус улахан суолталаахтар
“Доруобуйа харыстабыла” Национальнай бырайыак дойдуга доруобуйа харыстабыла сайдарыгар улахан суолталаах. Ол иһигэр, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагыраамата Саха Өрөспүүбүлүкэтин улуустарыгар көмөтө тугунан да сыаналаммат.
Уус Алдаҥҥа оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын Анна Саввична Петрованы кытары “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ-хамнас, түмүктэр тустарынан кэпсэттибит.
-Бастатан туран, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак оройуоннааҕы киин балыыһаларга уонна өрөспүүбүлүкэ атын да структурнай подразделениеларыгар улахан суолталаах бырагыраама диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Национальнай бырайыак чэрчитинэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын” бырагыраама федеральнай үбүлээһиннээх. Уус Алдан доруобуйатын харыстабыла сайдарыгар бу бырагыраама чэрчитинэн элбэх үлэ ыытылынна диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Ол курдук, кэнники 5 сыл устата бастакы сүһүөх звеноҕа, ол эбэтэр быраас амбулаторияларыгар, поликлиникаҕа ыарыһахтары таһар уонна “суһал көмө” массыыналара баар буоллулар. Холобур, 5 сылга аҥаардас Уус Алдан улууһун оройуоннааҕы киин балыыһата 10 массыынанан хааччылынна. 10 массыынаттан биирэ улуус киинигэр Бороҕоҥҥо, уоннааҕыта атын нэһилиэктэргэ бэрилиннэ. Эмиэ саҥа ылыллыбыт “Суһал көмө” үс массыыната, толору хааччыллыылаах реанимобиль уонна КАМАЗ массыынатын базатыгар көһө сылдьар мэдиссиинэ комплекса ыраах сытар нэһилиэктэргэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго улаханнык туһалаатылар.
Тырааныспар өттүнэн хааччыллыыны таһынан, биллэн турар, бастакы уочарат мэдиссиинэ тэриллэринэн эмиэ хааччылынныбыт. Кэнники 5 сылга Киин балыыһабытыгар офтальмология кэбиниэтин толору хааччыйан, сайдыы саҥа түһүмэҕэр киирдибит. Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын кытары дуогабардаһан, саҥа салааны арыйан, көһө сылдьан харах эпэрээссийэтин оҥоробут. 2020 сыл тохсунньутуттан уопсайа 250 киһи хараҕын чөлүгэр түһэрдэ. Ардыгар ыарыһахтарбытын куоракка тиэйэн киллэрэн эпэрээссийэлэтэбит. Ол гынан баран, бэйэбитигэр анал мэдиссиинискэй тэриллэрдээх уонна исписэлиистэрдээх буоламмыт, мэдиссиинэ өҥөтүн миэстэтигэр оҥоробут. Онтон эпэрээссийэлэммитин сарсыныгар харахтара чөлүгэр түһэригэр, сыыһа-халты туттубаттарын, сыыстарбаттарын туһугар тустаах үлэни ыытабыт.
Бастакы сүһүөх звенону модернизациялааһын чэрчитинэн УЗИ аппараттара, ЭКГ баар буоланнар, тута телемэдиссиинэ консультациятыгар ыытабыт. Маннык тэриллэри нэһилиэктэргэ барытыгар киллэрэр былааннаахпыт. Маны таһынан көһө сылдьар флюорографиябытын саҥардыбыппыт. 2023 сылга оройуоннааҕы киин балыыһаҕа маммография сыыппаралаах аппарата туруорулунна, 2024 сылга саҥа рентгент аппаратын ыларбытын күүтэбит.
Бу тиэхиньикэлэр, мэдиссиинэ тэриллэрэ, аппарааттара, ороскуоттуур матырыйааллара бары олус элбэх харчыны эрэйэллэр уонна буларга-таларга да ыарахан.
Ону сэргэ, бу»Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын» бырагырааманан кэнники биэс сылга 3 биэлсэр пуунун уонна 1 быраас амбулаториятын дьиэлэрэ таҥыллан, үлэлэрин саҕалаатылар.
Инники былааннар тустарынан этэр буолахха, 2025-2026 сылларга РФ бырагырааматынан патологоанатомия дьиэтэ, быраас амбулаториялара, биэлсэр-акушер пууннара үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар. Бу барыта үбүлээһинтэн улахан тутулуктаах. Ону таһынан балыыһабыт иккис уочаратын тутуу үлэтэ саҕаланна.
Онон, биһиги Владимир Путин көҕүлээбит бырагыраамата өссө да үлэлииригэр, 2030 сылга диэри уһууругар баҕа санаалаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, бу бырагыраамалар чуолаан тыа сиригэр доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар улахан оруоллаахтарын итэҕэйдибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: