Муус устар 21 күнүгэр Айсен Николаев «Комплексное развитие сельских территорий на 2020-2025 годы» бырагыраама уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии туһунан мунньаҕы ыытта.
Ил Дархан эппитинэн, бэрэсидьиэн быһаарыытынан, быйыл Саха сиргэр национальнай бырайыактары үбүлээһин суумата биллэ улааппыт.
— Бу сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 58 миллиартан тахса солкуобай көрүлүннэ. Ол иһигэр: федеральнай бүддьүөттэн — 18 миллиард солкуобай, территорияны сайыннарыы пуондатыттан – 29 миллиард солкуобай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 10 миллиард солкуобай, муниципальнай бүддьүөттэн — миллиард аҥаарыттан тахса. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, ити 37%-нан элбэх. Онон тутуллуохтаах эбийиэк ахсаана эмиэ эбилиннэ, — диэн кини эттэ.
2022 сылга национальнай бырайыагынан 22 эбийиэк тутуллубут эбит буоллаҕына, 2023 сылга 65 эбийиэк тутуллара бырайыактанна, итинтэн 33 эбийиэк быйыл тутуллан киириэҕэ.
Ил Дархан үбү туһаныыны күүһүрдэргэ соруйда. Сүрүн болҕомтону үөрэх эбийиэктэрин тутарга, оскуолалары анал тэрилинэн хааччыйыыга болҕомтону уурарга, суолу тутууну, “Ыраас уу” бырагырааманы үлэлэтэри хонтуруолга тутарга сорудахтаата.
«Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааманы үлэлэтэргэ 2023 сылга 1 миллиард солкуобай көрүллүбүт, ол иһигэр: федеральнай бүддьүөттэн – 578 мөлүйүөн солкуобай, эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн – 420 мөлүйүөн солкуобай, муниципальнай бүддьүөттэн – 112 мөлүйүөн солкуобай.
Быйыл бу бырагырааманан тутууга 13 эбийиэк былааннаммыт, сыл бүтүөр диэри 6 эбийиэк тутуллан киириэхтээх.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…