Салгыы
Национальнай бырайыактарынан 12 эбийиэк үлэҕэ киирдэ

Национальнай бырайыактарынан 12 эбийиэк үлэҕэ киирдэ

Ааптар:
16.03.2024, 13:35
Чокуурдаахха саҥа оскуола
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ араас куораттарыгар уонна оройуоннарыгар национальнай бырайыактар уонна эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн тутуллубут  бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай суолталаах 12 эбийиэги видео-сибээһинэн үлэҕэ киллэрдэ.

Ол курдук, кулун тутар 12 күнүгэр, саҥа поликлиника, балыыһа, ОДьКХ эбийиэктэрэ, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан тутуллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, ону тэҥэ 4 үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдилэр. Оскуола уонна оҕо уһуйаанын дьиэлэрэ 2019 сылга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутулуннулар. Бырагыраама бу сыллар тухары көдьүүстээҕин толору итэҕэттэ.

«Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга дьон-сэргэ олоҕун тупсарар саҥа социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии үгэскэ кубулуйда. Куорат уонна тыа сирэ уларыйар. Сахабыт сирэ хаһан да сайда илик саамай үрдүк тэтимигэр үктэннэ. Ити биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарынан кыаллар буолла», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

СЫЫППАРА
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылга дойду нэһилиэнньэтин 55%- тан итэҕэһэ суох успуордунан утумнаах дьарыктанарыгар улахан соругу туруорбута.

Чокуурдаахха 275 миэстэлээх оскуола

Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри Аллайыаха Чокурдааҕар оскуола үөрэнээччилэрэ 1985 сыллааҕы эргэ мас дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. Билиҥҥи тутуллубут саҥа эбийиэк 5 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх уонна 275 миэстэлээх.  Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, оскуола саҥа дьиэлэрин тутуута тупсаҕай усулуобуйаҕа хаачыстыбалаах үөрэх хааччы­йыытын кыһалҕатын быһаарарга кыах биэрэр.

Дьокуускайга 26 №-дээх оскуолаҕа

Оскуола 4,5 тыһыынча кэриҥэ иэннээх, оттон  сыһыары эбии дьиэтэ 3 мэндиэмэннээх. Манна 315 миэстэ тахсан, киин куоракка турар сытыы кыһалҕаны арыый да чэпчэтиэҕэ. Эбии тутууга оҕолор саҥа успуорт саалатыгар эрчиллиэхтэрэ уонна саҥардыллыбыт остолобуойга аһыахтара. Саҥа дьиэҕэ 8, 9, 10 уонна 11-с кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ.

Туора Күөлгэ үөрүүлээх түгэн тосхойдо

Таатта улууһун Туора Күөлүгэр саҥа 50 миэстэлээх уһуйаан үлэҕэ киирдэ. Саҥа, аныгылыы толору хааччыллыылаах уһуйаан “Развитие образования РС(Я)”/“СӨ үөрэҕин сайдыыта” инвестиционнай бырагырааманан тутулунна. Ол курдук, сакаасчыт — Таатта улууһун дьаһалтата, генеральнай бэдэрээтчит – “Монтажник” производственнай кэпэрэтиип. Оскуолаларын 100, уһу­йааннарын 65 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө дьоһун суолталаах бэлэх буолла. Билигин саҥа уһуйааҥҥа 2 бөлөҕүнэн 50 оҕо аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр усулуобуйаҕа иитиллиэҕэ, үүнүөҕэ-сайдыаҕа.

Амма Абаҕатыгар саҥа оскуола-уһуйаан

Тыа сиригэр саҥа оскуола-оҕо уһуйаана аһылынна. Дьиэ уопсай иэнэ  4,7 тыһыынча кв. миэтэрэ. Оскуола дириэктэрэ Людмила Александрова этэринэн, бу түгэни 30-тан тахса сыл күүппүттэр. 1971 сыллааҕы оскуо­ла эргэ дьиэтэ өссө 2010 сыллаахха саахалланар хаарбах туруктааҕынан быһаарыллыбыт. Онон бу кэнники сылларга оҕолор икки симиэнэнэн кыараҕас уонна тымныы кы­­лаастарынан үөрэммиттэр. Саҥа эбийиэк үс сыл иһигэр тутулунна.  Тимиртэн уонна мастан уһанар, таҥас тигэр мастарыскыайдар, ас буһарар, үүнээйи үүннэрэр анал хостор бааллар. Ону тэҥэ мэдиссиинэ куорпуһа, успуорт уонна актовай саалалар, 80 миэстэлээх остолобуой, логопед уонна учууталлар хосторо тэриллибиттэр.

Чурапчыга саҥа балыыһа комплекса

Чурапчыга саҥа балыыһа комплекса үлэҕэ киирдэ.  Симиэнэҕэ 100 киһини көрөр поликлиникалаах, 23 куойкалаах терапевтическай отделениелаах, дьахтар уонна оҕо консультациятын отделениелаах, 10 куойкалаах күнүскү стационардаах, стоматологическай уонна мэдиссиинэ реабилитациялааһынын отделениелардаах.

Муомаҕа

Хонуу сэлиэнньэтигэр үс мэндиэмэннээх балыыһа комплекса 4 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх. Улахан дьону уонна оҕолору көрөр поликлиникалаах, приемнай отделениелаах, диагнос­тика уонна суһал көмө оҥорор отделениелардаах. Сүрүн блок иккис этээһигэр терапевтическай отделение баар. Үһүс этээскэ стерилизация отделениета уонна клинико-диагнос­тическай лаборатория бааллар.

Ыраас уунан хааччыйар саҥа эбийиэк

Сунтаарга Бүлүү өрүс кытылыгар турар ыстаансыйаны «Водоканал» тэрилтэ тутан үлэҕэ киллэрдэ. Бу ыстаансыйа 100 куб. м ууну ыраастыыр кыамта­лаах.  Эбийиэк Саха сиригэр араас куораттарынан уонна оройуон­нарынан тутуллубут 12 бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэр ахсааныгар киирэр.

Аммаҕа

Амма өрүс кытылыгар турар уунан хааччыйар саҥа комплекс сууккаҕа 1500 куб. диэри ууну ыраастыыр, ону тэҥэ 7 км уһуннаах магистральнай турбаларынан ыраас ууну нэһилиэнньэҕэ тиэрдэр. ОДьКХ тутан киллэрбит саҥа эбийиэгэ ууну ыраастыыр емкостардаах, хочуолунайдаах уонна электро-ыстаансыйалаах.

Зырянкалар саҥа дьиэҕэ киирдилэр

В.Путин Феде­ральнай Мунньахха Этиитигэр федеральнай бырагыраама көмөтүнэн эрэгийиэннэри­нэн саахалланар туруктаах дьиэ­лэртэн көһөрүүнү тэтимирдибиттэрин бэлиэтээбитэ. “Уопсайынан ыллахха, кэнники 16 сыл устата саҥа кыбартыыраларга биир мөлүйүөн 730 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Бырабыыталыстыба саахалланар дьиэттэн-уоттан дьону көһөрүү саҥа бырагырааматын үлэлэтэригэр сорудахтыыбын”, — диэбитэ Бэрэсидьиэн Этиитигэр. Ол дьиҥнээх туоһутунан Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгэр 45 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киириитэ буолла. Үөрүүлээҕэ диэн, бу хоту сытар бөһүөлэккэ хаарбах дьиэҕэ олорбут дьон саҥа дьиэлэннилэр.

Покровскайга – 46 кыбартыыралаах дьиэ

Бу күн Ха­ҥа­лас улууһун Покровскай куоратыгар Бырааттыы Ксенофонтовтар уулуссаларыгар 46 кыбартыыралаах олорор дьиэ­ни үлэҕэ киллэрдилэр. Бу биэс этээс­тээх дьиэ уопсай иэнэ 3,5 тыһ. кв. м. Дьиэ уопсайа 46 кыбартыыралаах: 13 биир хостоох, 15 иккилии хостоох, 17 үстүү хостоох уонна 1 түөрт хостоох кыбартыыралардаах. Туһааннаах эбийиэги “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” диэн дьон билэр буолбут национальнай бырагыраама аадырыстаах бырагырааматынан эмиэ үлэҕэ киллэрдилэр.

Чурапчыга – успуорт комплекса

2022 сыллаахха А.К. Софронов аатынан ус­­пуорт комплексын тутуутун Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, успуорт уопсастыбаннаһа уонна олохтоох дьон көҕүлээбиттэрэ. Култуурунай-успуорт комплексын дьиэтэ 1,6 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх. «Биһиги көҕүлээһиммит өйөммүтэ уонна көмө оҥоһуллубута олус үчүгэй. Аны Чурапчы улууһун нэһилиэнньэтин 70-ча %-на успуордунан дьарыктаныаҕа», – диэн Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Виктор Дьяконов санаатын үллэһиннэ.

Хатаска

Эмиэ бу күн Хатас сэлиэнньэтигэр 400 миэстэлээх, ону тэҥэ боксанан уонна тренажерынан дьарыктанарга икки кыра саалалар, аһаҕас стадион аһылыннылар.

Бу успуорт эбийиэгэ Саха сирин инвестиционнай бырагырааматын эрэгийиэннээҕи бүддьүөтүн үбүн-харчытын суотугар, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна. Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылга дойду нэһилиэнньэтин 55%- тан итэҕэһэ суох успуордунан утумнаах дьарыктанарыгар улахан соругу туруорбута.

«Ыраас уу» национальнай бырагыраама чэрчитинэн Саха сиригэр уунан хааччыйыы 6 эбийиэгэ тутуллуоҕа — Өлүөхүмэ куоракка, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр, Амма улууһун Алтан сэлиэнньэтигэр, Аллараа Бэстээххэ, Баатаҕай бөһүөлэгэр уонна Ньурба куоракка.

Санаалар

«Чурапчылар махтанабыт!»

Михаил Степанов, А.К.Софронов аатынан култуура-успуорт комплексын дириэктэрэ:

– Биһиги, чурапчылар, улуу дьоммутунан Д.П.Коркинынан, А.К.Софроновынан киэн туттабыт. Кинилэр биһиэхэ успуорт сайдыытыгар, тэнийэригэр сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Чурапчы дьоно-сэргэтэ успуордунан дьарыктанар, успуорду сэҥээрэр. Ол да иһин өрөспүүбүлүкэҕэ “Чурапчы – успуорт туоната” диэн ааттыыллара мээнэҕэ буолбатах. Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо бу саала тутулларын олус долгуйа уонна эрэнэ күүппүттэрэ. Ким баҕарар успуордунан дьарыктанарыгар маннык ус­­пуорт уораҕайа тутулларын өйөөбүт өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаевка, Бырабыыталыстыбабыт салалтатыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Үөрүүлээх күн тосхойдо

Оксана Гуляева, И.Н.Гуляев аатынан оскуола-уһуйаан дириэктэрэ:

– Улуу олоҥхоһуттарынан, уран тарбахтаах уустарынан аатырбыт Туора Күөлгэ бүгүн үөрүүлээх күн тосхойдо. Оҕолор, уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, олохтоохтор бука бары ыра санаа оҥостубут, өр сылларга кэтэспит уһуйааммыт аһыллар дьоро күнэ үүннэ. Педагогическай, тиэхиньиичэскэй каадырдарынан толору хааччыллан олоробут.

Эбии үлэ миэстэтэ тахсыаҕа

Евгений Гоголев, Хатас сэлиэнньэтин ДЮСШ дириэктэрэ:

– Саҥа успуорт уораҕайыгар ус­­пуорт 7 көрүҥүнэн 830 оҕону, Хатас сэлиэнньэтин эрэ буолбакка, куорат таһынааҕы Табаҕа уонна Пригороднай сэлиэнньэлэрин хабар былаан­наахпыт. Улахан дьон эмиэ доруобуйаларын чэбдигирдиинэн дьарыктаныахтара. Хатаска волейбол сайдар киинэ быһыытынан чөлүгэр түһэрэргэ бы­­лаанныыбыт. Итиэннэ, биллэн турар, тыа сирин дьонугар саҥа эбийиэк аһыллыаҕыттан эбии үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.

 Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Женни Стрюкова, Василий Прокопьев

Хаартыскалар: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата, О.Н.Гуляева, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: