Быйыл сыл саҥатыгар Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох уонна Үчүгэй нэһилиэктэрин олохтоохторо «национальнай» статуһу ылынарга анаан мунньахтаан быһаарбыттара.
Быһаарыыны улуус мунньаҕын дьокутааттара атырдьах ыйынааҕы сиэссийэҕэ көрөн баран, бырабыыталыстыбаҕа туруорсууну ылыммыттара. Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев олохтоохтор мунньахтарын быһаарыытыгар олоҕуран, СӨ Административнай-территориальнай тутул уонна географическай ааттарга бырабыыталыстыба бастайааннай хамыыһыйата бу боппуруоһу көрөрүгэр туруорсубута.
Бу күннэргэ тустаах хамыыһыйа Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох уонна Үчүгэй нэһилиэктэрин «национальнай» статус ылыналларыгар анаммыт мунньаҕы ыытта. Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев туруорсуутун истэн баран, хамыыһыйа чилиэннэрэ боппуруоһу сөптөөхтүк ылынарга сөбүлэстилэр уонна быһаарыы ылыннылар. Ол курдук, анал хамыыһыйа СӨ Территориальнай федеральнай судаарыстыбаннай статистикатын сулууспата сэтинньи 1 күнүгэр диэри СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын олохтоох салайыныы боппуруостарын дэпэртээмэнигэр Сордоҥноох уонна Үчүгэй нэһилиэктэрин олохтоохторун национальнай састаабын туһунан ыспыраапканы бэлэмнииригэр сорудахтаата. Бу докумуон ыйыллыбыт нэһилиэктэргэ аҕыйах ахсааннаах норуоттартан төһө киһи олорорун чуолкайдыаҕа.
Статистика сулууспатын ыспыраапкатыгар олоҕуран, б.дь., ахсынньы 1 күнүгэр олохтоох салайыныы дэпэртээмэнэ Сордоҥноох, Үчүгэй нэһилиэктэрэ «национальнай» статуһу ылыналларын туһунан ыйаах бырайыагын бигэргэтэргэ анаан СӨ Бырабыыталыстыбатыгар барылы бэлэмнээн киллэриэҕэ.
Мин Сордоҥноох баһылыга Альберт Вензеллиин Сордоҥноох нэһилиэгэ тоҕо «национальнай» статустанарга туруорсарын ыйыталастым.
— Биһиги Сордоҥноохпут «национальнай» статуһу ылар ирдэбилгэ сөп түбэһэрин үөрэтэн көрөн баран, мин өссө нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар кыттарбар бу пууну бэйэм бырагыраамабар киллэрбитим. Ол эбэтэр олохтоохтор 30 %-нара аҕыйах ахсааннаах норуоттар буоллахтарына, национальнай статустаналлар. Сордоҥноох олохтоохторун 30,90%-на – төрүт олохтоох эбээннэр. Ол эрээри үгүс дьон тустаах доумуоннарын оҥотторо иликтэр. Төһө эмэ этэ сатаабыт үрдүнэн, билигин да ол кыалла или быһыылаах. Аны биэрэпис буолан ааспыта. Онно төһө элбэх киһи бэйэтин омугун ыйбыта биллибэт. Онон сүрүн докумуон – өрөспүүбүлүкэтээҕи Статистика сулууспата оҥорбут ыспыраапката бүтэһиктээх «туочуканы» туруоруоҕа. Биллэн турар, «национальнай» статустаннахпытына, тыйыс килиимэттээх Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар олорор сордоҥноохторго тустаах өйөбүл элбиэ этэ. Социальнай хайысхаҕа бары өттүнэн туһалаах буолуо этэ. Үлэ миэстэтэ тахсыа, оскуолабыт, уһуйааммыт да көмүскэллээх буолуохтара, — диэн санаатын үллэһиннэ Альберт Вензель.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…