Надежда Андросова-Айтылы: «Кыайыы эрэ — кылаан ыра!»
20.10.2022, 17:48
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 24-с кыттааччыта Дьокуускайтан Надежда Андросова-Айтылы:
Кыайыы эрэ — кылаан ыра!
Сабан таҕыстыҥ дьиэҥ аанын.
Кэннигиттэн эккирэтэ хаалбыт
Оҕоҥ атаҕын тыаһын сүрэххинэн истэ,
Кэргэниҥ уунан туолбут харахтарыттан араҕа…
Эргиччи көрдүҥ тэлгэһэҥ иһин.
Барыта санатта дьоллоох кэмнэргин.
Ким маны барытын иҥнэри үктээн,
Хара былыты таһаарда, күнү күлүктээн?!
Эр киһи! Көмүскээччи буолан төрөөбүт
Төлкөҕүн өтөрү санаа!
Аарымалар хапсыстахтарына,
Иэримэ дьиэҕэр куттал суоһуурун өйдөө!
Кыайтаран чугуйуу — кулут буолуу.
Баттааччылартан үйэлэргэ сарбыллыы…
Эрэлбит эйиэхэ, Арассыыйа буойуна,
Кыайыы уонна көҥүл — кылаан ыра!
Сахаҥ алгыһа аттыгар сырыттын —
Өлүү түгэнин мүччүрүттүн!
Сахаҥ харысхала арыаллаан барыстын —
Хааннаах дьайы дьалбарыттын!
Дом!..
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: