Бэҕэһээ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Владимир Путины кытта видео-сибээһинэн ыллыктаахтык кэпсэттэ. Бу туһунан бэйэтин санаатын Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова маннык үллэһиннэ:
— Уһук хоту сытар Аллайыаха улууһугар Владимир Путин көҕүлээбит саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраамата үлэлээн, иккис дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Онон дьон үөрүүтэ үксээтэ. Ону тэҥэ кыһыҥҥы суолу баттаһа үс дьиэ тутуллуохтаах матырыйаала тиэллэ сылдьар. Инньэ гынан тустаах бырагырааманан хоту сиргэ маннык саҥа дьиэлэр тутуллаллара олус үчүгэй дии саныыбын. Владимир Путин Саха сирин ити курдук өйүүрэ олус суолталаах.
Кини өссө 2030 сылга диэри оскуолаларга, уһуйааннарга хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы болдьоҕун уһаппыта. Онон бу болдьоҕу баттаһа улууспут нэһилиэктэрин оскуолалара өрөмүөннэниэхтэрэ диэн бүк эрэнэбит. Ол иһигэр Бөрөлөөх 9 кылаастаах оскуолата хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар испииһэгэр хапсыаҕа диэн эрэнэбин. Онон өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Сергеевич Николаев Владимир Путины кытта кэпсэтиититтэн эмиэ үгүс олоххо киириэ дии саныыбыт.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…