Надежда Мохначевская: «Пуорум сыала-соруга – устуоруйаны уларыппакка дьиҥ баарынан хаалларыы, ону ыччакка тиэрдии»

Share

Кэлэр ый саҥатыгар Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын чэрчитинэн Фашизмы утары II пуорум буолаары турар. Пуорум фашизмы утары охсуһууга олугунан буолуохтаах. Тэрээһин туһунан Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистири бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская санаатын үллэстэр:

— Сэтинньи ыйга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр иккис фашизмы утары пуоруму ыытаары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Былырыын бастакы пуорум Дойду дьоруойдарын күнүгэр ананан ыытыллыбыт буоллаҕына, быйылгы иккис пуорум сэтинньи 6 күнүгэр, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр ананар. Пуорум олус улахан бырагыраамалаах. Бу бырагыраама чэрчитинэн федеральнай киинтэн эспиэрдэр, Оборуона министиэристибэтин иһинэн баар «Мы есть мы» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл уонна дойду саҥа эрэгийиэннэриттэн кэлбит ыалдьыттарбыт кыттыахтара. «Мы есть мы» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл сэтинньи 4 күнүгэр Саха тыйаатырыгар кэнсиэрин бэлэхтиэҕэ. Ону таһынан Нам улууһун олохтоохторугар сэтинньи 5 күнүгэр кэнсиэртиэҕэ. Сэтинньи 5 күнүгэр Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «төгүрүк остуол» ыытыллыа. Манна федеральнай эспиэрдэр, бэтэрээннэр уонна ыччат хамсааһыннарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, Уопсастыбаннай балаата бэрэстэбиитэллэрэ, анал байыаннай дьайыы байыастара кыттыахтара. Оттон сүрүн тэрээһиммит, пуоруммут, сэтинньи 6 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Доҕордоһуу киинигэр буолуоҕа. Манна байыаннай тиэхиньикэ быыстапката туруоҕа, онон Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын быыстапканы көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Пуорум сыала-соруга – устуоруйаны уларыппакка-токуруппакка, дьиҥ баарынан хаалларыы, ону ыччакка уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар тиэрдии буолар. Итини сэргэ Сомоҕолоһуу күнүгэр Арассыыйабыт тула бары түмсүөхтээхпит диэн бу тэрээһини ыытабыт. Бу фашизмы утарар пуорум түмүгүнэн резолюция ылыллыахтаах, онно киирбит сыаллар-соруктар, этиилэр олоххо киириэхтээхтэр. Бырабыыталыстыба, дьокутааттар куорпустара, министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, уопсастыбаннас, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эмиэ, туох кыалларынан бу резолюцияны толороллоругар биһиги дьулуһуохтаахпыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

3 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

4 часа ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

5 часов ago