Надежда Мохначевская: «Ыччат – төһүү күүс»

Share

СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ өрөспүүбүлүкэ ыччата биир төһүү күүс буоларын, араас өрүттээх көмөлөрү оҥорууга сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьарын туһунан кэпсээтэ.

— Күн бүгүн буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ өрөспүүбүлүкэ ыччата биир төһүү күүһүнэн буолар. #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн үтүө баҕанан көмөлөһөөччүлэр Ресурснай кииннэрин баазатыгар маннык ааттаах эрэгийиэннээҕи ыстаап тэриллэн үлэлиир. Хас биирдии улууска 36 муниципальнай волонтерскай ыстаапар үлэлииллэр. Балары салайан үлэлэтиини олохтоох былаас уорганнарыттан ыччат лиидэрдэрэ, исписэлиистэрэ уонна доброволецтар олохтоох тэрилтэлэриттэн эдэрдэр иилии-саҕалыы сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 883 волонтер байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр, кырдьаҕастарга ас бородууктатын, эми атыылаһан дьиэҕэ тиэрдиигэ, оҕолору оскуолаҕа, оҕо саадыгар илдьиигэ, аҕалыыга, хаһаайыстыба араас үлэтигэр улахан көмөнү оҥороллор. Билиҥҥи туругунан, байыаннай сулууспалаахтар 788 дьиэ кэргэттэрин шефствоҕа ылан, көмөлөһүү үлэтэ барар. #МЫВМЕСТЕ ыстаап доброволецтара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 3 686 көмөҕө наадыйааччы сайаапкатынан үлэни ыыттылар. Волонтердары регистрациялааһын, үөрэтии www.добро.рф саайт нөҥүө ыытыллар.

Гуманитарнай көмөнү тутар пууннар ааспыт сыл балаҕан ыйын 25 күнүттэн үлэлии тураллар. Дьокуускайга маннык пуун Орджоникидзе уулуссатын 10-гар дьиэ 2-с мэндиэмэнигэр МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн үтүө баҕанан көмөлөһөөччүлэр Ресурснай кииннэрин баазатыгар аһыллан үлэлиир. Пууҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн хомуллан киирэр гуманитарнай көмө тутуллар, барыта наарданан, аттарыллан, сааһыланан байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр ыытыллар, буойуттар дьиэ кэргэттэрин кытта үлэ тэрээһиннээхтик барар, «Якутия» авиахампаанньаныи уонна куораттар аэропуортарын кытта сибээс үчүгэйдик олохтоммута.

Маны тэҥэ эминэн хааччыйар тэрилтэлэртэн, аптекалартан медикаменнары, анал тэриллэри атыылаһыы сөпкө тэриллибитэ. Бу пууннар көмөлөрүнэн байыаннай эпэрээссийэ сиригэр уонунан туонна араас таһаҕас ыытылынна. Пууннарга 900 доброволец быһаччы көмөлөһө, үлэлии сылдьар. Бу сыл кулун тутарыгар байыаннай таҥаһы тигэр иис сыаҕа аһыллыбыта. Урбаанньыт Нина Никитина ыстааппытыгар 5 иистэнэр промышленнай массыынаны биэрбиттэринэн, волонтердар байыаннай таҥас арааһын, подсумоктары, парашют стропаларын, санитарнай наһыылкалары тигэллэр.

Биһиги биэдэмистибэбитигэр – Дьиэ кэргэни уонна ыччаты социальнай-психологическай өттүнэн өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ психологическай көмөнү барыта 6471 киһи ылла, уопсайа, 7080 маннык өҥө оҥоһулунна.

Дьоҥҥо, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт буойуттарга психологическай өйөбүлү оҥорорго «122» нүөмэргэ быһа сибээс олохтоммута. Итиэннэ буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр суукка устата суһал психологическай көмөнү оҥорор сулууспа 8-800-100-3550 нүөмэринэн үлэлии турар. Киин психологтара туһааннаах дьоҥҥо уйулҕа туругун тупсарыыга көмөлөһө улуустарга, байыаннай госпиталларга айанныыллар. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаһалынан байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга бастакы психологическай көмөнү оҥорууга анал чат-бот аһыллан үлэлии турар. Маннык чат-бот психологическай өйөбүл саамай судургу көрүҥүн оҥорор, буойуттар тугу этэллэрин ылар, кинилэргэ санааларын, кыһалҕаларын толору этинэллэригэр кыах биэрэр. Онон биһиги ыччаттарбыт байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өрүттээх көмөлөрү оҥорууга сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

3 часа ago