Надежда Пахомова-Айтыына: «Эргиллэн кэлээриҥ Боотурдар»

Надежда Пахомова-Айтыына: «Эргиллэн кэлээриҥ Боотурдар»

Ааптар:
24.10.2022, 13:15
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 42-с кыттааччыта Амма Өнньүөһүттэн  Пахомова Надежда Михайловна — Айтыына

ЭРГИЛЛЭН КЭЛЭЭРИҤ,  БООТУРДАР

Аҕа дойдугутун көмүскүү,

Аттанныгыт  Саха сириттэн.

Адаҕыйда сидьиҥ өстөөх,

Аҕыраабат алдьархай ааҥнаата.

Абатыан, бу дьоллоох олохтон,

Арахсан сэриигэ турунар,

Алаһа дьиэҕитин, дьоҥҥутун,

Хаалларан дууһаҕыт айманар.

Ким билиэй инники дьылҕатын,

Ким ону эрдэттэн сэрэйиэй?

Сэрии диэн  сэрии буоллаҕа,

Бүгүн баар, сарсын суох да буолуон.

Дойдуну буурҕалыы аймаабыт,

Дьалхааннаах, ыарахан кэм кэллэ,

Хара дьай нациһы утары,

Хаан хааҥҥа киирсэргэ бэлэмҥит.

Ол онно —  буомбалар эстэллэр,

Туланы тоҕута тэбэллэр.

Ол онно —  буулдьалар иһиирэ,

Дьөлүтэ сэймэктээн ааһаллар.

Самнарыа суоҕа ол барыта,

Тохтоппот ол модун санааны.

Эйэлээх олохпут эргиллиэ,

Ийэ тыл алгыһа арчылыа.

Эргиллэн кэлээриҥ — хотойдор,

Кыайыыны уһансан —  эрэттэр,

Эрэллээх, эрэнэр —  эр дьоммут,

Эһиги буолаҕыт — Боотурдар!

.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 22°C
  • Ощущается: 22°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: